Page 47 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 47
Тыыннаах тыл
«Мин киһибин» салааҕа киирбит айымньыларга
ойууланар араас кэм оҕолорун олохторун туһунан сэ-
һэргэһиҥ, бүгүҥҥү бэйэҕит олоххутугар тэҥнээҥ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
«Киһи диэн кимий?» уонна «Киһи диэн — үрдүк аат!»
тиэмэлэртэн талан өйтөн суруйуҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Суруйааччылар С. С. Яковлев—Эрилик Эристиин,
Н. Г. Золотарёв—Николай Якутскай, С. П. Данилов оҕо
саастарын туһунан араас матырыйаалы туһанан, «Су-
руйааччы оҕо сааһа» диэн дьоҕус электроннай кини-
гэтэ оҥорон саҕалааҥ.
Бу суруйааччылар дойдуларыгар баар түмэллэри
(музейдары) кытта сибээстэһиҥ.
АЙЫМНЬЫ ТҮҺҮЛГЭТЭ
Саха норуодунай суруйааччыта Д. К. Сивцев—Суорун
Омоллоон «Ороһооспо түүн» кэпсээнин уонна юкагир
литературатын төрүттээччи Н. И. Спиридонов—Тэкки
Одулок «Улахан Имтеургин олоҕо» сэһэниттэн «Хаарга
суоллар» диэн чааһын ааҕыҥ. Салаа тиэмэтигэр сыһыа-
ран кэпсэтиһиҥ.
47