Page 28 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 28
тох ынахтарын тутан ылбыта. Онтон кинээстэр дьүүл-
лэринэн, төрдүөн түөрт аҥыы кумалааҥҥа тарҕас-
пыттара.
III
Хачыгыр буоллаҕына, бу Күтүр Көстөкүүннээххэ
түбэһэн турар эбит. Ити тарҕаспыттара икки сыл
буолла, онно кини уон биирэ эрэ этэ, онон билигин
уон үһэ эбит…
Маннык ааспыт ыар санаалар, Хачыгыр өйүгэр ох-
сулланнар, кинини эмиэ кэбирэтэн кэбистилэр. Ки-
ни икки хараҕын көмүскэтигэр сырдык ыраас уу ал-
лан баран, бөдөҥ доруобунньук курдук, кирээстээх
иминэн таҥнары саккыраата, ону, бурдугун тарда-
тарпытынан туран, төҥкөйөн илдьирийбит ырбаахы-
тын сиэҕинэн соттон кэбистэ. Бу кэмҥэ түннүккэ
суруллубут ахсаан төһө да булкуллубутун иһин, алта уон
биэс кутуу бурдук бүтэн барда. Бурдугун бүтэрэн,
чабычаҕар өрөһөлүү сотон ылан баран, мааҕын сар-
сыарда саппыт ыар липпэ халҕанын дьэ сэгэтэн,
били сэрэнэн-сэрэнэн үктэнэн дьиэтигэр быкта.
Бурдугун үс атахтаах хаҥас төгүрүк остуолга илдьэн
ууран кэбиһээт, уон тарбаҕын сараппытынан, оһох
хаҥас чанчыгар кэлэн өйөнө түстэ.
Куруук сытыган сытынан аҥылыйа турар, лүҥкүр-
бүт барыамах хотонунан холоотоххо, бу уҥа уонна
кэтэҕэриин эркиннэригэр үстүү муус түннүктээх, уҥа
диэки таҥара аннынан түөрт муннуктаах уһун остуол
тардыллыбыт, ортотугар оһохтоох, киэҥ киэлилээх
ампаар дьиэ Хачыгырга күндүтүк көстөр.
Сүүһүгэр кус сымыытын саҕа бөлтөйбүт урдаах,
хаҥас хараҕар, оҕо ытыһын курдук, күөх мэҥнээх,
ойоору олорор баҕа буутун курдук, сантаҕар та-
ныылаах, тэллэриттэҕэс уостардаах, буоспалаабыт
эбирдээх сирэйдээх, хаһата түһэҕэр халыйан түспүт,
28