Page 21 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 21
ник дьаныһан үөрэнэн, Семён уончатын туолуутугар
ханнык баҕарар суругу иҥнибэккэ ааҕар буолбута.
Кини кыра эрдэҕиттэн уран тылы умсугуйан ис-
тэр идэлээҕэ. Ордук олоҥхону таптыыра. «Уончалаах
уол сылдьан быраатын Хабырылланы кытта алаас
иһигэр ынах хомуйар кэмнэригэр араас бухатыыр-
дар тойуктарын туойан, айдаан бөҕөнү түһэрэллэ-
рэ», — диэн Старостин Г. Д. кэпсиир. Нэһилиэккэ,
улууска аатырбыт ырыаһыттартан Ырыа Ылдьаа-
лыын өр кэмҥэ олус истиҥник доҕордоспута.
(Николай Тобуруокап)
Хачыгыр
I
Хачыгыр чабычахтаах бурдугуттан, биирдэ бал-
таччы баһан, онон-манан ойута барбыт тааһын айа-
ҕар кутан биэрдэ, уоһун иһигэр ботугураан: «Тоҕус
буолла», — дии-дии, салҕанан турар лэппичэх
дүлүҥүттэн тэбинэн, тааһын типтэрбитигэр, түөһүн
тылыттан алларааҥҥыга диэри илдьирийэн хаал-
быт даба ырбаахытын бытырыыстара төттөрү-таа-
ры туора охсулла турдулар. Бастаан утаа тааһа өрө
сүгүллэн тахсан, күргэни туораан эрэр таһаҕастаах
тэлиэгэ курдук, лүһүгүрээтэ, онтон улам-улам ула-
рыйан, кэнникинэн сыыбырҕаан хаалла. Хачыгыр
чабычахтаах бурдугуттан, өссө биирдэ баһан ылан,
тааһыгар кутан биэрэн баран, тааһын эргитэ-эр-
гиппитинэн туран, хас да хонукка кырыатаммакка
бүтэ оспут түннүк кырыатыгар, урут кэккэлэччи алта
уһаты тардыы бэлиэ оҥоһуллубутугар сэттиһин бии-
ри, хаҥас сөмүйэтинэн дьүккү охсон, эбэн биэрдэ.
Аҥаар илиитинэн чабычахтаах бурдугун сиксийэн
көрбүтэ — билигин даҕаны алта уон биэс кутуу бур-
дуга баар эбит. Кини ахсаана, төһө да боростуо-
21