Page 73 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 73
Харахтара дириҥ толкуй, мындыр өй туоһулара.
Кини тугу толкуйдаан түлэй түүнү кытта мөккүстэ,
туох туһа, ким иннэ диэн утуйар уутун умунна?!
Кини: «Олох ыар, уустук, киһи араас, үтүөнү үгүстүк
аҕын, киһини кэрэтин көр», — диир курдук.
Бу кимий? Били, саха тылын ууһа, кэпсээни,
драманы олохтообут ырыаһыт Алампа, Анемподист
Иванович Софронов дии…
Ааҕыы, ырытыы
Дьүһүн кубулуйумтуо
Аҕа ууһун баһылыга Тэмэлдьигэн Миитэрэй, мун-
ньахха кэтэр саҥа хара таҥас болтуотун кэтэн,
ыалыгар Обот уола Убаһалаах Уйбаан оҕонньорго
дьаарбайа, сис туттан баран, ээл-дээл хааман даа-
дардаан иһэн, ойоҕос өттүн диэки киһи улаханнык
сайдыыр саҥатын истэн, эргиллэ хайыһан көөртө:
Күөттэ Дьөгүөрэ саһарчы буһан эрэр бурдугар биир
оҕус күрүөһүлээн кииртин, күрүө тоһоҕотун тутан ба-
ран, эккирэтэн сырсыакалаһан эрэр эбит. Тэмэл-
дьигэн онно, туора хааман тахсан, бурдук күрүөтү-
гэр өйөнөн, көрөн турда.
Биир хара саадьаҕай атыыр оҕус, үүнэн турар
бурдугу хаба ортотунан сүүрэн бадахаччыйан, тоҕо
аспыт сиринэн күрүө таһыгар ыстанан тахсан ба-
ран, кэннин хайыһан, бурдук диэки хааннааҕынан
бурулус-тэрилис көрө-көрө, хабырынан хачыгырата
турда.
Күөттэ, дьүһүнэ көлөһүн иҥэн биллибэт буолбут
сиидэс ырбаахытын нэлэкэйдэммит, сүүһүн көлөһү-
нэ иэдэһинэн таҥнары саккыраан хара чуоҕур оҥор-
бут, уһун синньигэс хатыҥыр киһи, Тэмэлдьигэн кэ-
лэн турарын көрөн, оҕуһун үүрбүт маһын туппутунан
тиийэн кэллэ.
73