Page 74 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 74

— Доҕоор, Күөттээ! Ити хайаларын оҕуһай? —
диэн Тэмэлдьигэн аргыый аҕай ыйытта.

    — Ким билэр, доҕор, чахчытын билбэтим, сэрэй-
дэхпинэ, Көҕүлүйэ уолун оҕуһа буоллаҕа буолуо.
Бурдукпар үһүс киириитэ буолла, ханан таптаабыт
сиринэн тоҕо анньан киирэр. Дьэ, кырыыстаах хара
буор сүөһүтэ буулаан, алдьатан эрэр, — диэн баран,
Күөттэ оҕус диэки көрөн кэбистэ.

    — Көҕүлүйэ уола даа? — Тэмэлдьигэн саҥатын
улаатыннарар. — Ол хара түөкүн, күрүөһүт сүөһүнү
тоҕо босхо дьаарбатан, дьону алдьаттарар?

    — Дьэ, этимэ даҕаны. Баар эрэ бурдугум бу этэ.
Өссө үнүрүүн биир түүн хоммута, — диир Күөттэ,
эримсийбит киһи быһыытынан. — Хата, түбэһэ кэл-
биччэ, тойонуом, туох эмэ буойуута, дьаһалтата
оҥорон абыраа.

    — Маннык суол хайдах буойуллубат буолуой? Дьон
хааһынатын көҥүл алдьаттара сырыт диэн суох. —
Күүскэ: — Ол хара түөкүн бурдугуттан туттаран ылан
бэрдэриллиэ буоллаҕа дии, уонна оҕуһун эбэтэр
хаайан олордун, эбэтэр муоһугар улахан чэҥкээйи
баайдын. Итинник көстөн турар суолу хайдах дьүүл-
лэммэт буолуллуой? Хата, эн бэлэм быһыллыбыт
бурдугу ылыаҥ, — диэн баран, Тэмэлдьигэн көхсүн
иһигэр күлэн күһүгүрэттэ.

    Ити курдук кэпсэтэ турдахтарына, арбайбыт бат-
таҕа сирэйин саба түспүтүн быыһынан ньамах кур-
дугунан көрбүт, тобугун үөһэ өттүнэн ырбаахытын
дуома иннинэн хайдан хаалтын сөрүү туттубут уонут-
тан тахсыбыт холобурдаах кыыс, балаҕан иһиттэн
тахсан кэлэн, кэпсэтиилэрин истэн туран баран:

    — Аҕаа, ити Көҕүлүйэлээх оҕустара буолбатах,
кинилэргэ итинник оҕус суоҕа, хата, Уйбаан оҕон-
ньордоох оҕустара буолуо, — диэн баран, күн уотут-
тан хараҕа саатан, уҥа харытын сыыһынан туора

  74
   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78   79