Page 76 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 76
эттиигин, арай итинтэн ыарыы буолан өллүн, оччоҕо
сыаната хаһын билэҕин дуо? Акаары!
— Кэбис, инньэ диэмэ. Мантан ордук хайдах үчү-
гэй буолуой! Үс мас сигэ күрүө буолбат дуо? Итини
баҕас, Миитэрэй, баттаан этэҕин, — дии-дии, Күөт-
тэ кэтэҕин тарбанна.
— Баттаан эттиҥ буола-буола! Итиннэ батта-
ла туох баарый? Хата, ол-бу диэн дойҕохтуу туру-
ма, күрүөҕүн үчүгэйдик оҥор; таарыйа мин Уйбаан
оҕонньордооххо кунаҥҥын Күөттэ бурдугар киирби-
тин таһаардыбыт диэн кэпсиэм. Эн аны ити курдук
айыы сүөһүтүн кырбаабат буол.
— Мин кинини биирдэ да охсубакка хааллым.
Көннөрү дьарыйбытым эрэ дии…
— Буолумуна, хайа мин көрө испитим дии, — диэ-
тэ Тэмэлдьигэн аргыый аҕай намылыччы. — Саҥар-
ба. Мин да кэпсээн оҥостуом суоҕа. Күөх оттооҕу
тот оҕус туох буоссалаах бурдугу сиэтэҕэ диэн ай-
манныҥ?
Кэпсэтэ турдахтарына, биир ааһан иһэр эдэр
киһи, тохтоон, кинилэргэ кэлэр.
— Хайа, доҕоттоор, кэпсээҥҥит, бу тугу сэлэһэ
тураҕыт? — диэн кэлбит киһи ыйытта.
— Ээ суох, бэйэбит көннөрү, — диэн баран, Тэ-
мэлдьигэн Күөттэ диэки көрбөхтөөн кэбистэ.
— Ити Уйбаан оҕонньор оҕуһа бурдукпун күрүө-
һүлээн сиэбитин кэпсэтэ турабыт, — диэтэ Күөттэ.
— Ээ, алҕас, доҕоттор, оҕонньордооххо ман-
нык дьүһүннээх сүөһү букатын суох. Мин кинилэр
сүөһүлэрин бэйэм биэс тарбаҕым курдук билэбин.
Хата, били арҕаа аҕа ууһа Күлүк Дьөгүөр оҕуһа,
ынаҕы батыһан, бу сайылык ыалыгар кэлбит диэн
эрэллэрэ. Ол оҕус дьүһүнэ хара саадьаҕай сурах-
тааҕа; итиэннэ күрүөһүт диэбиттэрэ, онон бу ол
76