Page 83 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 83

История, олох, киһи

  ДМИТРИЙ КОНОНОВИЧ СИВЦЕВ—СУОРУН ОМОЛЛООН
                                      (1906—2005)

    Саха норуодунай суруйааччы-
та Д. К. Сивцев—Суорун Омол-
лоон 1906 с. Таатта улууһугар
орто бааһынай кэргэнигэр
төрөөбүтэ. Элбэх оҕоттон ордон
соҕотох хаалбыта. Сэттэ сааһыт-
тан оскуолаҕа үөрэммитэ. Кини
учууталларыттан биирдэстэрэ
А. Е. Кулаковскай—Өксөкүлээх
Өлөксөй этэ.

    Суорун Омоллоон: «Аҕам 12
сааспар эмискэ өлбүтэ. Аҕа-
та суох хаалар ыарахан эбит этэ. Бастаан ытаабат
этим. Кэнники, улаатан иһэн, эрэйи көрдөхпүнэ, олус
иэйэн аһыйар буолтум. Ийэбиниин араас дьыллар
мииниилэригэр эрэйдээхтик олорбуппут. Кинини
санаатахпына, сүрэҕим бастаан минньийэр, онтон
ньүөлүйэн ыалдьан барар.

    Оскуолаҕа маҥнайгы кылаастан сэттэ сааспыт-
тан Сергей Иванович Прокопьев диэн нуучча учуу-
талыгар үөрэммитим. Нууччалыы букварынан, учеб-
никтарынан нуучча суруйааччыларын кэпсээннэрин,
хоһооннорун ааҕан, нойосуустаан үөрэммиппит. Су-
руйуубар туох эмэ ситиһиилээх буоллахпына, мах-
тала нуучча классиктарыгар».

                                       («Бэйэм туспунан» cуруйууттан)

                                                                                                                     83
   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88