Page 84 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 84
Ааҕыы, ырытыы
Саха сиригэр буолбут Гражданскай сэрии туһунан
тугу билэҕит? Кэпсэтиҥ.
Быһаарсыылаах ааҕыыны тэрийиҥ, өйдөөбөтөх
тылгытын, түгэҥҥитин бэлиэтэниҥ.
Чөөчө
Кыһын. Кыһын биһиэхэ хаһан итии буолта баарай,
дьадаҥыга хайа да күн тымныы этэ.
Ол да буоллар тымныы сыгынньах эрэ оҕо таһыр-
дьа тахсарын бобор, оттон дьадаҥы баайы кытта
охсуһуутун син кыайан боппот.
Маннык тымныыга аан туманы ортотунан тоҥуу
хаарынан ыҥыыр аттаах, саалаах киһи өрө бурҕатан
истэ.
Ыал чугаһаата, ата сэлиитин эптэ. Ыт үрэн мор-
гуйда. Дьиэлээхтэр өҥөҥнөөтүлэр, былтаҥнааты-
лар. Ол гына-гына, оройго бэрдэрбит курдук, төт-
төрү түһүтэлээтилэр. Бары хотон диэки сырыстылар,
долборукка түстүлэр. Арай Чөөчө эрэ уол ыксаан
чугастыы үгэххэ* саста.
Куттал улаатта, сүрэҕин тыаһа сүүрүк ат туйаҕын
тыаһын курдук битигирээтэ. Куттанымына даҕаны:
бандьыыттар манна кээлтэр, ол киһини өлөөртөр,
бу киһини туппуттар диэн сурахтар күн-түүн сүрдэ-
нэн испиттэрэ. Алаас быыһын дьоно ону истэ-истэ,
куобах курдук, тыастан эрэ куттанар, хараттан эрэ
саһар буолан хаалтара.
Аан тыаһын кытта тэҥҥэ дьиэҕэ биир киһи көтөн
түстэ. Ким да суоҕуттан соһуйда.
— Ноо, ким да суох дуу? — диэтэ. Онтон, күүтэ
түһүүм диир быһыынан, уот кытыытыгар табахтыы
турда. Чөөчө, киһи киирбитин билэн баран, тугу эрэ
тутуох курдук, тарбахтарын саратан турда. Куттана-
ра сүр, оттон көрүөн баҕарара өссө ордук сүрдээх.
84