Page 85 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 85

Кини сэрэнэн-сэрэнэн, мас быыһынан көрөөрү төҥ-
көйдө. Ол гынан баран, дэлби түһээри гынан, быыс-
тан тайанна. Лаппа тайанан, хайаҕаска сыстан, дьэ
көрөн эрдэҕинэ, эмискэ үгэҕин хаптаһын быыһа суул-
лан «күр» гына түстэ. Киирбит киһи соһуйда, саатын
харбаан ылла. Чөөчө кинитээҕэр өссө ордук соһуй-
да. Сирэйин саба туттан баран олоро түстэ. Оруо-
буна чабычахтаах* үүккэ «лах» гына олоро биэрдэ.

    — Ким баарый? Таҕыс. Куттаныма. Табаарыспын,
кыһылбын, тыытыам суоҕа, — диэтэ киһи уонна чу-
гаһаан истэ. Чөөчө үөрэ санаата, кини кыһыл сал-
лааттарын оскуолаҕа сылдьан көрөр этэ. Өссө онно
биир билсиилээх саллааттаах этэ. Ол да буоллар,
сэрэнэр быһыынан, бастаан өҥөйөн көрдө, онтон
сулустаах бэргэһэни көрөн баран дьэ чабычаҕыттан
оронон турда.

    Үүт тыаһа чарылыы түстэ. Тымныы таммах Чөөчө
буутун иһинэн уллуҥаҕар тиийэ сүүрдэ. Чөөчө сир-

                                                                                                                     85
   80   81   82   83   84   85   86   87   88   89   90