Page 86 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 86

гэммит быһыынан, кэннин харбаан көөртө, ип-ин-
чэҕэйинэн, тыбыс-тымныынан хаарыйда. Ытыһа бү-
түннүү сүөгэй буолан хаалла. Били үүтүн айдааны-
гар балыйтаран, куттаммыта ааһан, өйдөөн көрбүтэ,
табаарыһа кэлэн, үгэх аанын аһан баран, күлэ турар
эбит.

    — Чэ, таҕыс! Үүккэ олорбуккун дуу? Кэл, бэйи,
мин ыган биэриим, — диэтэ уонна уолу сиэтэн та-
һааран, ыстаанын ыган баран: — Бу уот кытыытыгар
туран куурт, — диэтэ.

    Дьэ кэпсэттилэр. Табаарыс Чөөчөттөн дьонун
ыйытта. Онуоха Чөөчө бастаан тугу да этиэн булба-
та, онтон сымыйалыыр куһаҕан дии санаан: «Сас-
пыттара», — диэтэ сибигинэйэн. Ол кэнниттэн та-
баарыһын сүбэтинэн дьонун ыҥыран таһаарда.

    Бастаан аҕата Наһаар оҕонньор амчыллан таҕыс-
та, онтон дьахтардыы таҥнар үгэстээх Дада Маайа
диэн эр киһи кыбырыйан, тугу да билбэтэх-көрбөтөх
курдук кирис-хорус туттан кэллэ. Дьэ кинилэр кэн-
нилэриттэн дьахталлар, оҕолор утуу-субуу орҕостон
тахсан истилэр. Барыта тоҕус киһи тахсыбытын кэн-
нэ, хотон аана дьэ хам барда.

    Табаарыс, нуучча гынан баран, адьас уу саха
киһи түбэстэ. Инньэ гынан дьиэлээхтэр маастара
табылынна. Барыны бары сэһэргэстилэр, сэҥээр-
дилэр, куттаммыттара ааста. Бэл диэтэр: «Итиитэ
киллэр», — диэн, сүөгэй үрүҥнээх, чохоонноох чэй
иһэртилэр.

    Итии киллэрэн баран, табаарыс оҕонньору таһыр-
дьа ыҥыран таһаарда.

    — Бандьыыттар сурахтарын истэҕин, билэҕин дуо?
Ханна буолуохтарай? — диэн оҕонньортон табаарыс
ыйытта.

    — Бадаҕа, бу түүн Амматтан тахсаллар үһү. Оч-
чоҕо кинилэр Идэмэр атыыһыкка, Балаҕаннаахха

  86
   81   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91