Page 116 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 116

— Нохоо, ол оҕуһу кэнниттэн үтэн биэр!
    — Ээх, бэйи… Дьону дьиэттэн… — диэт, мин
дьиэм диэки ыстанным.
    Оҕустарга улаханнык махтана саныы истим. Кө-
лөпүнэ итиччэ көрүдьүөһү мүччү туппата чахчы, сын-
тараалкатын тутан илдьэ тахсыбатар ханнык этэ, оч-
чоҕо саа миэнэ буолуо этэ.
    Ааҥҥа кэлэн иһэн кэннибин хайыспытым, оҕус-
тарым харса иликтэр. Үөрэ санаан баран, дьиэҕэ
киирдим. Көлөпүнэ утуйбут быһыылаах, хамсааба-
та. Уҥа илиитин сынтараалка үрдүгэр уурбут, киһи
сатаан уоруо суох. Мин хаһан да табыллыбат күнүм
үөскээтэ. Бу күн саамай дьоло суох киһи мин эрэ
буоллум быһыылаах.
    Тугу гыныахха? Көлөпүнэни одууластым. Утуйа
сытар, сүүһүгэр сахсырҕалар олортууллар, көтөл-
лөр, эмиэ олортууллар. Кини кыһаммат, тыылыы
тэбэн сытар, утуйбут. Куттаммат да үөннэр, доҕор,
мин итиччэм суох дии санаан баран, сааны уора
бардым. Саҥардыы илиитин өрө көтөҕүөх курдук
буолан эрдэхпинэ, киһим: «Һук! Бу тугуй?» — диэт,
ириҥэлээҕинэн оспоччу көрдө.
    — Оҕустар харсан эрэллэр, тахсан көрө охсуоҥ
үһү, — диэтим хап-сабар.
    — «Охсуоҥ» үһү даа?! Ол ханна? — диэн баран,
мин диэки чэлкэлээҕинэн көрөн кэбистэ, охсуох кур-
дук сутуругун тутунна. Мин дьулайан, кэннибинэн
тэйдим.
    — Тиэргэҥҥэ. Адьас харсаллара буолан турар…
    — Тиэргэҥҥэ даа? — күөлэһийэн турда, хараҕын
сотунна.
    — Тугун эмиэ ол оҕуһай, тайматай, — диэн сөбү-
лээбэтэхтии көхсүн иһигэр көөҕүнээтэ Көлөпүнэ. —
Чэ, тахсыах, бастаа!
    Таҕыстыбыт. Күн киэһэрбит. Көрбүппүт оҕустар-

 116
   111   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121