Page 118 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 118

ол-бу диэки көрөр. Анараа иккис бандьыыт оҕуста-
ры тиксиһиннэрэ сатыы сылдьар. Көрүүһүлэр.

    Миэхэ эмиэ өй киирдэ.
    — Аҕаа, мин оҕустарга барыам, бандьыыттар
арыыйда аралдьыйбыт бириэмэлэригэр мин: «Тиис-
таас, һа-һа», — диэн улаханнык хаһыытыам.
    Аҕам аат эрэ харата сөбүлэстэ.
    Мин, урут хайҕаппычча, талах атым үрдүгэр түһэн
далга көтүттүм.
    Тиийбитим: оҕустарым харса иликтэр. Көлөпүнэ
өттүгүн тэбэнэ турар, сонурҕаабыт уохтара-төлөн-
нөрө хайыы-үйэ сойбут. Хата, миигин кэрэхсии көр-
дүлэр.
    — Ээ, бу киһи атын эмиэ мииммит, — диэн кыра
бандьыыт ымайда.
    — Саҥа мииниллибит буолан баран айаас ээ, —
диэн дьон кэрэхсэбилин көтөхсөн киҥинэйдим да,
саҥам-иҥэм хотон тахсыбата, тарҕаһыы буолаары
гыммыт диэн испэр куттана турдум, бара сатаан
оҕустарбын кыраһа санаатым.
    Көлөпүнэ ол-бу диэки көрбөхтөөтө, эмиэ тэбэн-
нэ, онтон: «Харсыа суохтар, дьиэлиэххэ, чэ, нохоо,
дьиэбитин былдьаһыах», — диэн быһа сытыйда.
    — Хата, кырдьык, инньэ гыныҥ, көрүөҕү…
    — Аттаах киһи куотуо ээ, — бандьыыттар күө-дьаа
буоллулар.
    — Чэ, нохоо, туруоҥ дуо, аккын охсон кэбис, —
кыра бандьыыт соруйда.
    Мин аҕабын өрүһүйүөх буолбут бэстилиэнэй эрэ-
лим мэлийэрэ кэллэ.
    Мин бачча улахан дьону күүспүнэн да, албас-
пынан да тохтотор, кинилэр сойбут сүрэхтэрин хат
сэргэхситэн аралдьытар кыаҕым суох буолла.
    Өр толкуйдатар бокуойу дьонум биэрбэтилэр,
хайыы-үйэ кэлэн ким эрэ күүстээх илиитинэн саҕа-
быттан бүүрэ харбаата.

 118
   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123