Page 30 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 30
Омоҕой Баай обурҕахтаах үүтүн тутан олордоҕуна,
Эллэй үлэтиттэн, киэһэ дьиэҕэ көтөн түһэр, ол түһүүтү-
гэр оҕонньор үүтүн тоҕу титирээн, түөрт тоһоҕото туура
ыстаныар диэри уҥуоҕа хамсыыр, дьигиһийэ түһэр. Онон
Омоҕой Баай Эллэйтэн куттанарын дьэ билинэр.
Эллэй: «Дьоллоох, киһи-сүөһү төрдө буолан, кэнэҕэс
оҕолоох-уруулаах буолуор сөп», — диэн, Ньыка Харах-
сыны, көйгө кыыһы, ойох-атас көрдүүр. (Говоров М. М.
сэһэнинэн, көйгө кыыс аата Аан Чыҥый диэн, мааны
кыыс аата Ньыка Харахсын, уола Кэлтэгэй Тобук диэн
эбиттэр.) Онтон кыыһыран, мааны кыыспын ойох ылбата
диэн, Омоҕой Баай кутуруга, муоһа суох куочай кугас
ынаҕы, биир атыырдаах биэни чаастаан (сорох сэһэ-
нинэн, ынаҕы, оҕуһу кутуругун, муоһун сарбыйан, биэни,
атыыры сиэлин, кутуругун кырган анаабыта үһү диэн
буолар), Эллэйдээҕи олох арааран кэбиһэр. Эллэй ойо-
ҕунаан холдьоҕуллан, Омо±ой Баай ыйыытынан, үрэх таҥ-
нарытыгар баран, Туймаада хонуутун иһигэр, билиҥҥи
Киллэм сыһыытыгар кэлэн, Үс тиит диэн сиргэ тохтоон
ураһа туруоран олорор.
Ол баран Эллэй Боотур туостаан, туос ураһаны ту-
руорар. Ураһатын оһуордуур, ойуулуур, курдуулуур, са-
тыы далбар иһити тиктэрэр, куйуур баайан хомоҕо ба-
лыктыыр, айа оҥостон арҕаа мыраанынан куобахтыыр,
дал, күрүө, хаһаа оҥортуур. Түптэ түптэлээн Туймаада
иһинээҕи Омоҕой Баай сүөһүтүн олорчу түптэҕэ угуйар,
Үрүҥ Айыы дьаһалынан, үөн түһэн, Омоҕой баайа-сүөһү-
тэ, үөнтэн тэскилээн, Эллэй түптэтигэр мунньустар буо-
лар. Ону Эллэй ойоҕо көрөн ыан, үрүҥ аһы астаан мун-
ньан иһэр.
Эллэй кыһын туруору балаҕан туруорар. Балаҕан оһох-
тоох, оһоҕо үөлэстээх, үөһэнэн хороолоох, түннүктээх
буолар. Балаҕана киирэр-тахсар, аһар-сабар ааннаах.
Онон Эллэй Боотур дьиэтэ-уота, күрүөтэ-хаһаата, сэбэ-
сэбиргэлэ элбиир. Биир сайын Эллэй Боотур чэчир ан-
ньан, сиэлинэн, ситиинэн симээн, сэргэ туруортаан,
түһүлгэ диэн оҥорон, онно сылгы, ынах кымыһын мун-
ньан, үөһэ бары айыыларын алҕаан, сөһүргэстээн олорон
30