Page 29 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 29
турҕана саныыр буолбут. Онон Омоҕой Баай эмээхси-
нинээн сүбэ тэрийэн биир кэмҥэ Эллэйгэ: «Мин кыргыт-
тарбыттан талан, сөбүлүүргүн көрөн ойох ылан, атас-
доҕор оҥостон, киһи-хара, ыал буол! Оттон ити мааны
кыыһы, Аан Чыҥыйаны, ылыаҥ этэ буоллаҕа дии!» —
диир. Маныаха Эллэй Боотур сөп-сыыһа диэбэт, үс сылы
быһа саҥата суох, тыл көрдөрбөккө сылдьар.
Омоҕой Баай эмээхсинэ биир киэһэ этэр: «Оҕонньор,
эн ити Эллэй таһыттан киирдэр эрэ уҥуоҕуҥ босхо ба-
рыар диэри хамсыыр ээ, быһыыта, куттанар, сүр бат-
татар быһыылааххын, итини эн билинэҕин дуу, кэнэҕэс
бука киһи-сүөһү төрдө буолар дьоллоох буолуо, эн ону
уйумуна уҥуоххун хамсатар буоллаҕыҥ, хайдаҕый?» Ону
Омоҕой өрүү билиммэт: «Аата, эмиэ туох буолан сүр
баттаттамый!» — диир. Онуоха: «Дьэ оччоҕо омурҕаҥҥа
үүттэ тутан олор, Эллэй киириитигэр», — диэн эмээх-
син харалаах аас тэллэҕи, тиэрэ дэпсэни тэлгээн баран,
оҕонньору онно олордор, түөрт өттүттэн сонун тэллэҕит-
тэн тоһоҕолотор уонна иилээх обурҕахха (туос тордуйа)
үүт кутан аҕалан туттаран кэбиһэр.
29