Page 26 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 26
Сэһэнтэн ордук сөбүлээбит түгэҥҥитин уруһуйдааҥ.
Майаҕатта Дыгыннаах ыҥырыыларынан кинилэргэ баран
иһэн, туох туһунан толкуйдаабыта буолуой? Кылгастык
сиһилээн суруйу².
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Талбыт тиэмэҕитигэр сэһэҥҥэ олоҕурбут киинэ сценари-
йын таҥан көрүҥ:
1) Майаҕатта — үтүө киһи.
2) Майаҕатта — ураты күүстээх, быһый боотур.
3) Түктэри сиэр-майгы үтүөҕэ тиэрдибэт.
Ааҕыы, сэһэргэһии
Омоҕой Баай уонна Эллэй Боотур
Омоҕой Баай иннигэр бу Лена өрүскэ, онтон да атын
дойдуларга — барытыгар тоҥустар олоорторо үһү.
Кинилэр, таба сүөһүлээх, булт аһылыктаах, муос,
таас, мас сэптээх дьон, олоҕо суох, көһө сылдьааччы-
лар эбиттэрэ үһү.
Онтон бy дойдуга саха төрдө буолбут Омоҕой Баай
кэлиитигэр билиҥҥи саха сиригэр, тоҥустартан ураты
икки сүһүөх туспа омук (олохтоох кэпсээнинэн), синньи-
гэс төбөлөөх, уллуктаах, буута суох, булду батыһан, кыыл-
лаан, үөннээн аһааччылар — сахалар диэн, бэрт элбэх
аймахтаах дьон бааллара үһү.
Онтон үһүс сүһүөх туспа омук — соҕуруу диэкиттэн бы-
рааскай омук олохтооҕо Омоҕой Баай диэн, дьонунуун,
сүөһүлүүн, сылгы, ынах баайыныын Бүлүү өрүһүнэн устан
Ленаҕа түһэн, киэҥ Туймаада сыһыыга кэлэн олоҕурбут.
Төрдүс сүһүөх — Омоҕой Баай кэнниттэн татаар дуу,
кыргыс дуу хааннаах туспа омук, «эллэйэ-эллэйэ» диэн
кэлэҕэй саҥалаах Эллэй Боотур диэн, Лена өрүс устун
таҥнары устан кэлэн, Омоҕой Баайга холбоһон олорон,
билиҥҥи саха улуустарын ууһаппыт.
26