Page 27 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 27

Балартан билиҥҥи саха төрүттэрэ буолбут Омоҕой
Баай уонна Эллэй Боотур диэннэр сэһэннэрэ маннык.

    Соҕуруу бырааскай омук олохтооҕо Омоҕой Баай
диэн, олохтоох дьонун-сэргэтин кытта өстөһөн-саастаһан,
кыһаллан, ойууна көрүү көрбүтүнэн күрээн, Лена өрүскэ
түһээри айаннаан иһэн, сүөһүлүүн, дьоннуун, кэргэнниин
мунан, арҕаа үрэхтэр тардыылара балыйан, Бүлүү өрүһү-
гэр түһэн хаалар.

    Ол Бүлүү өрүһүн булан болуот баанан, киһилиин-сүө-
һүлүүн болуотунан таҥнары устан иһэн, Бүлүүгэ биир си-
ринэн туораан, тохтуох курдук сананан баран, үөнэ бэрт
диэн, өссө үрэҕин таҥнаран, Лена өрүскэ Бүлүү төрдүнэн
түһэн, арҕаа мырааҥҥа тахсан туран, сир-дойду иитин
хоту-соҕуруу, өрө-таҥнары диэки көрөн сытырҕалыыр.
Онуоха, хоту диэкиттэн тымныы, муус, чэҥ сыта дьыбар-
сыйан, этэ аһыллан ааһара биллэр; соҕуруу диэкиттэн,
өрүс үөһэтиттэн, сылаас, итии, от-мас сыта аҥкылыйан,
киһи сүрэҕин уматар, үөрдэр бэлиэ баара охсуллар.

    Онон Омоҕой Баай болуотун чөкчөлөөн өрө көтөхтө-
рөн, сигэнэн салҕааттаан, бэчимэлэнэн өрө хааман өксө-
йөн, билиҥҥи Нам улууһун сиринэн кэлэн иһэн биир
сиргэ тохтоон ааһар.

    Ол ааһан, икки Ытык хайа икки ардыгар киэҥ Туй-
маада диэн хонууга тохтоон, биир күөлү булан, ийэтин
аатынан Сахсары диэн ааттаан олоҕурар.

    Омоҕой Баай аҕата Хайаран, ийэтэ Сахсары диэн эбит.
Ол кэннэ Чыҥыс Хаан диэн ойохтоох, Аан Чыҥыйа диэн
мааны кыыстаах, Ньыка Харахсын диэн көйгө кыыстаах,
Баай Баараҕай, Кэлтэгэй Тобук диэн уоллаах, хамнач-
чыт кэргэн дьоннордоох, ойууннаах, уустаах, сылгы, ынах
сүөһүлэрдээх кэлбит. Онон төһө эмэ баай-талыы, көс
дьон эбиттэр.

    Омоҕой Баай, кэлээт, буор дьиэни, балаҕаны туттар.
Кини балаҕана, дьиэтэ түннүгэ-үөлэһэ суох, буруотун
хааһаҕынан таһан таһааран олорбут. Холобур, үөлэһэ
суох холумтаҥҥа уот оттон баран, уот үрдүнэн сүөһү ти-
риитин хааһах оҥорон, онно буруотун хаайан таһырдьа
таһан олорбуттар. Кини кыһыҥҥы дьиэтэ итинник. Оттон

                                                                                                                     27
   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32