Page 22 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 22
лар, ол быһыытынан биһи далла мэндэйэр киһилээхпит,
онно киһитэ аҕалыҥ диэбиттэр. (Оччотооҕуга, ыраах, туо-
ра улуус ааттаахтара, сыал ытыстахтарына, булгунньах
дуу, биитэр тумул сыыр үрдүгэр дуу утарыта турсаллара
уонна бэйэ-бэйэлэрин ытыһаллара үһү. Онно ким кыайан
аһаран биэрбэтэх өлөр, ол ахсаана суох буолар, ону
бэрт дэҥҥэ таптараллара үһү, үксүн аһаран биэрэллэр
эбит биитэр оҕу ытыстарыгар түһэрэн ылаллара үһү. Ол
булгунньахха дуу, тумулга дуу тураллара дурдалара диэн
ааттанара.)
Дыгын дьоно эмиэ Бэрт Хараны, хара таҥаһын усту-
бакка, ортолоругар хаайаннар, мыраан үрдүгэр таһаар-
быттар. Онно тахсан икки хос кииллээх, икки хос муос-
таах, икки хос иҥэрчэлээх, кураахтаах ньир муос саатын
тутан баран, хаалар хаарыан сах күн дьэ кэллэ диэх кур-
дук, икки хараҕын уота икки уоттаах чолбон курдук ты-
рыбыначчы дьөлө одуулаан турбут.
Бүлүү баайын киһитэ, эмиэ тоҥус киэнэ туйгун бэрдэ,
кураахтаах саатын тутан баран, утары көрөн хара быа-
рыгар хатан охпун хатыам буоллаҕа диэх курдук, обот-
тоох уһун дьэллик кустук оҕун ууран баран, Бэрт Хараны,
нөҥүө мыраан үрдүгэр турар киһини, быарын хаба ор-
тотунан дьөлө кынчайан баран ыһыктан кэбиспит. (Оч-
чотооҕу кэмҥэ улахан урууга-күрэххэ ыраахтан кэлбит
ыалдьыт киһини, маанылыыр кэриэтэ, урут ыттарар май-
гылаахтара үһү.)
Дьэ били Бэрт Хараны быарын хаба ортотунан дьөлө
түһэн истэҕинэ, Бэрт Хара ыырааҕын быыһыгар кыбытан
лып гыннаран ылбыт. Онтон Бэрт Хара кураахтаах ньир
муос саатын туора тутан, идэмэрдээх иҥсэлээх эбиэн
куйаар оҕун ууран баран, нөҥүө кулгаах тааһыгар диэри
иэмэх курдук төгүрүччү тардан баран, толкуйдана турбут
быһыылаах.
«Икки маҥнайгы оонньуубар эгэлгэтэ суох кыайда-
ҕым, үһүс оонньуубар өлөрөн кэбистэхпинэ, үлүгэрдэрэ
улаатыа буоллаҕа, оонньуунан сылтаан оһолу оҥордох-
пуна, олус одууга бараммын, ох тыллаахтар ордук саҥа-
рыахтара буоллаҕа, атыҥырыы санаатахпына, аныгы үөс-
22