Page 28 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 28

сайын буоллаҕына — хатырык, буор ураһа эбэтэр отуу.
Ол отуута, ураһата, баҕар, эмиэ бүтэй эбитэ буолуо —
быһаарбат буолаллара.

    Омоҕой Баай түптэ-буруо таһаарары, туулууру, сохсо-
ну, айаны туһаҕы өрүү билбэт буолара. Кини дал, күрүө,
бүтэй, хаһаа диэни билбэт, оҥорторбот. Уустара дьоҕур-
дара суох этилэр. Сылгы, ынах иһитин оҥостуммат, туой
иилээх туос тордуйаны оҥостор.

    Омоҕой Баай саҕана сүөһүгэ түһэр үөн-көйүүр олох
суох эбит. Кэнники Үрүҥ Айыы үөһэттэн соруйан хамсык
оҥорон түһэрбит. Омоҕой Баай айыылары алгыыры өрүү
билбэт. Ол курдук үөскээн, байан олорбут.

    Омоҕой Баай иннигэр олорбут олохтоох тоҥус уон-
на сахалар үтүрүттэрэн, тоҥуһа хоту, илин, арҕаа диэки
көһөн испиттэр. Ол эрээри саха тэнийэн, үөскээн Аллан,
Амма, Таатта, Бүлүү той үрэхтэригэр диэри, олоччу то-
ҥус омук, ол кэннэ сахалар былааһа кэриэтэ олорон ба-
ран суох буолтар. Тимир уустара, тимир сэптээх күүс-
тээх омуктар — Омоҕой дьоно — урукку муос, мас сэп-
тээх мөлтөх тоҥус олоҕун сотору ыллахтара…

    Омоҕой Баай ол курдук олордоҕуна, биир кэмҥэ та-
таар дуу, кыргыс дуу хааннаах туспа омук, Эллэй Боо-
тур диэн, Лена өрүс устун дүлүҥү миинэн дуу, сылбаҕы
бүрүнэн дуу кэлбит. Ол кэлэн Омоҕой Баайга хамначчыт
киирэн үлэлиир.

    Эллэй Боотур — тимир, мас ууһа, алгыстаах, бары
үрүҥ айыылары алҕааччы. Кини кэлэн дьиэҕэ, балаҕаҥҥа
оһох, оһоҕу үөлэстээн үөһэ хоролоон, балаҕаны түннүк-
тээн оҥортуур. Кини дал, күрүө, бүтэй оҥоруутун билэр.
Олус булчут, онон туу, сохсо, айа оҥортуур. Бары ту-
туута олус үчүгэй, онон Эллэй Омоҕойго олус таптатан
хайҕатар.

    Эллэйи кытта үс киһи кэлсибитэ үһү. Ол дьон, Омо-
ҕойго тохтообокко төннөн, билиҥҥи Өлүөхүмэ сиригэр
тиийэн тохтоон олохсуйаллар.

    Эллэй Боотур үтүө майгылаах, кэрэ дьүһүннээх дьо-
һун киһи буолан, Омоҕой кыргыттара таптыыр буолтар.
Ордук мааны кыыс, Аан Чыҥыйа (Аан Чыҥый дуу), ту-

  28
   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33