Page 37 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 37

Хоноҕор муостааҕы
Кутун-сүрүн холбоон биэрэр,
Аһаҕас туйахтааҕы
Анаан айан биэрэр,
Арыы быйаҥ аартыктаах,
Араҕас илгэ алаһалаах,
Иэдьэгэй бадарааннаах,
Сөҥ сүөгэй сүдүрүүннээх,
Уйгу, быйаҥ олохтоох,
Кэтит кэһии кэскиллээх
Буойа Быһыттаах Боһол тойон!
Ол анараа өттүгэр
Үргүүк сүөһүлээх Үрүҥ Күҥкэс,
Ол анараа өттүгэр
Ала сүөһүлээх Анды Кунай,
Ол анараа өттүгэр
Эриэн сүөһүлээх Эбириэччин Баай,
Ол анараа өттүгэр
Саадьаҕай сүөһүлээх Саймарыын Баай,
Ол анараа өттүгэр
Кугас сүөһүлээх Хомпоруун Хотой,
Ол анараа өттүгэр
Күрдьүгэс сүөһүлээх Күрүҥ Баай,
Ол анараа өттүгэр
Дойду иччитэ Толоон Баай!
Антах көрөн күлүм аллайыҥ,
Бэттэх көрөн мичик аллайыҥ!
Айахтаах амсайбатах
Ардахтаах ас үрдүн
Айах туттубут,
Тоҕус томторҕолоох
Чороон айаҕы тосхойдубут!
Албан ааккытын ааттаатыбыт,
Дьоһун сураххытын дьохсоттубут,
Аал уотунан аһаттыбыт,
Күөх уотунан күндүлээтибит!

                                                                                              37
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42