Page 42 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 42
Көппөх суорҕан
Туона баай,
Тойон оҕонньоор,
Тоҕус-уон
Чороох туубар
Лоһуор собо барахсаны
Толору уган кулу даа!
Сэттэ-уон
Тэрээк илиммэр
Тэрэкэнэ быччыыккын
Тиһэ баттаан кулу нии!
Кэргэн иитиитэ эрэй буолла,
Аһыыр-сиир адьас көстүбэт,
Кырдьыы, буорайыы дьэ кэллэ,
Киэҥ мичээр эбэкээм,
Ииттэххинэ эн иитиэҥ!
Күөх далай иччитээ,
Аһаттаххына эн аһатыаҥ!
Көрдөһөбүн, көрдөһөбүн!
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
А. Е. Кулаковскай—Өксөкүлээх Өлөксөй «Научные труды»
кинигэтигэр киирбит алгыс туһунан өс хоһооннорун ааҕыҥ,
ис номоҕун толкуйдааҥ:
Алгыс аалы көтөҕөр.
Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа хааннаах.
Алгыска оннооҕор абааһы ахсыыр.
Киһи тыла — ох.
Олоҥхо
Олоҥхо диэн тугуй? Тоҕо биһиги норуоппут тылынан
уус-уран айыытын муҥутуур чыпчаалынан олоҥхону аат-
тыылларый? Тоҕо, туох өлбөт-сүппэт үтүө бэлиэлэрин
иһин биһиги Олоҥхобутун ЮНЕСКО 2005 сыллаахха Аан
дойду норуоттарын чулуу духуобунай нэһилиэстибэтин
42