Page 3 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 3
КИҺИ ҮТҮӨ МАЙГЫТА, СИЭРЭ — ОЛОХ СҮННЬЭ
Киһи барахсан төһөнөн үтүө майгылааҕый, ыраас сү-
рэхтээҕий да, оччонон олоҕу дьоллоохтук олорор, дьон-
сэргэ сылаас тылыгар, сырдык өйдөбүлүгэр киирэр. Но-
руот тугу сирэрэ, омнуолуура хайаатар да хаһан эмит
син биир олох дьүүлүгэр турар. Куһаҕаны оҥоруу, бэл,
санааһын эппиэтэ суох буолбат. Аахпыппыт дии бэһис
кылааска, Тэмэлдьигэн дьон күлүүтүгэр, олоолор норуот
сэмэтигэр, бачыгыратардар ыар дьүүлгэ туралларын. Хас
биирдии ааҕааччы кинилэри дьүүллүүр, кинилэртэн кэ-
лэйэр, оттон эһиги, эдэр дьон, олох суолун тутаргытыгар
«Киһи үтүө сиэрэ-майгыта эрэ киһини киһи оҥоруон сөп
эбит» диэн түмүккэ кэлбит буолуохтааххыт.
Бу түһүмэхпит сүрүн соруга, уус-уран тыллаахтар, өйү-
нэн өлбөт аналлаахтар ойуулуур, хоһуйар эргиирдэрин
сүрүн тиэмэлэрэ — киһи майгыта, сиэрэ олох сүнньэ
буоларын ааҕааччыга тиэрдии. Киһи майгытын-сигилитин
сыаналыы, ырыта үөрэниҥ, үтүө, кэрэхсэбиллээх өттүгэр
өрүү тардыстыылаах, сырдык санаалаах, киэҥ көҕүстээх
буолуҥ!
АНЕМПОДИСТ ИВАНОВИЧ СОФРОНОВ—АЛАМПА
(1886—1935)
Ааттаах уус-уран тыл көлөлөөх үтүө айаммыт салҕа-
нар. Өбүгэбит өлбөт-сүппэт кэриэс тылларынан, үтүө
үгэһинэн кынаттанан айаннаан, көтөн күпсүтэн иһэ-
бит… Ийэ тылбыт барахсан киэҥ да киэҥ, уһун да уһун
Эбэ аатырбыт, аарыгырбыт хочолоругар, ынах сүөһү,
3