Page 8 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 8

сүрэҕэ-быара таайара буолуо» дии саныырын кытта, уута
ордук көттө. Өһүө быыһынааҕы кулахы ордук күүстээхтик
тыһырҕаата. «Урут ити курдук улаханнык тыһыргыырын
болҕойон истибэт буоларым ээ» диэн, кыһыйа санаата.

    Урукку киэһэлэргэ аһылыктарын, уу-хаар да буоллар,
аһааталлар эрэ, муҥа-таҥа суох буолан, кэпсэтэн-ип-
сэтэн утуйар буолаллара. Оттон бу киэһэ? Кыһалҕа ыга
баттаан, санаа түмүллүүтэ буоллаҕа…

    Ити кулахы ойууна диэни сорох киһи билбэтэ да буо-
луо. Элбэх кулахылаах дьиэҕэ мас быыһыгар мэлдьи
чаһы тыаһын курдук тыһыргыы турар баар буолар, ону
саха «кулахы ойууна» диэн ааттыыр.

                                            II

    Сарсыҥҥытыгар Ыстапааннаах ынах ыытарга кытарах
бургунастарын хотоҥҥо баайан хааллардылар. Улахан
уоллара, уонуттан тахсыбыт киһи, тоҕо ынахтарын баа-
йан хаалларбыттарын чопчу сэрэйдэ, онон үөрэн, ол күнү
быһа ырыа былаастаах сүүрүүнэн сырытта.

    Киэһэ, ыал утуйбутун кэннэ, Ыстапаан: «Нохоо! Бар,
баһырҕастаах бургунаһы хотонтон сиэтэн таһаар эрэ», —
диэн баран, мас кыстыырга сытар сүгэни ылан, уот ин-
нигэр эргим-ургум көрө олордо. Даайа, хаҥас диэки, ол-
бу иһити иҥнэритэ тардыалаан баран, хас да кураанах
чабычаҕы эҥини аҕалан, холумтан таһыгар уурталаата.
Иккиэн, туох эрэ сүрдээх үөрүүлээх дуу, кутурҕаннаах
дуу суолу оҥороору гыммыт курдук, им-ньим саҥата суох
ону-маны бэлэмнэннилэр. Оннооҕор уол хотон иһиттэн
ынаҕын сиэтэн таһааран иһэрин уот сырдыгар кыһайан
көрдөххө, били мааҕы үөрбүтэ-көппүтэ ханна да суох буо-
лан, аргыый аҕай сир диэки көрөн баран, ынаҕын сиэтэн
таһаарда.

    Ыстапаан икки харытын ньыппарынна: «Доҕоор, кэл,
ынаххын тутан кулу!..» Даайа, саҥата суох кэлэн, ынаҕын
аҥаар илиитинэн муннуттан тутан баран, көрүмүүм диэ-
бит курдук, тиэрэ хайыһан баран, сирэйин мырдыччы
туттан турдаҕына, Ыстапаан, тугу эрэ ботугуруу-ботугу-

    8
   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13