Page 10 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 10
нааҕар ордук күүскэ чачыгыраан умайда, дьиэ иһинээҕи
дьон бука барылара, үөрбүт-көппүт дьон быһыытынан,
сирэйдэрэ-харахтара сүрдээхтик сэргэхсийдэ. Уоллаах
кыыс, оһох чанчыгар тураннар, тымтык төбөтүгэр сыа
саллан сырылаппытынан бараахтаатылар. Ынахтарын
аһыйбыт, аһыммыт быһыы диэн хайаларыгар да суоҕа…
III
Биир сарсыарда Ыстапаан хараҥаҕа туран, ынаҕын
этин сыарҕаҕа тиэйдэ. Даайа, хайыы үйэҕэ туран, ына-
ҕын иһиттэн буһара охсон аҕалан биэрбититтэн, Ыста-
паан оҕолоругар бэрсэ-бэрсэ сиэн баран, ыраах айан-
ныыр киһи быһыытынан, саҥата суох таҥна турдаҕына,
дьиэ иһинээҕи кэргэттэрэ бука барылара ким туохха ба-
ҕарарын үлэстилэр. Ырбаахы таҥаһа, былаат, улахан уол
саппыйаан кур, ол да гынна арааһы эттилэр…
— Чэ, доҕоор, үчүгэйдик, киһилии сырыт, оонньоомо-
күлүмэ, хас хонугунан сылдьаахтыыр буоллуҥ, — диэтэ
ойоҕо Даайа сып-сымнаҕас, эйэҕэс баҕайытык.
— Кунаным үчүгэйдик сырыттаҕына, икки нэдиэлэнэн
эргийээ инибин, чэ хата, эһиги этэҥҥэ олоруҥ, — диэн
бырастыылаһыталаан баран, тахсан, оҕуһун көлүнэн, бо-
рук-сорук суол устун киирэн кыыкырдата турда. Оҕолор
тахсаннар аҕаларын сыарҕатын тыаһа иһиллибэт буолуор
диэри туран баран киирдилэр…
Ыстапаан, түүннэри-күнүстэри кунанын сиэтэн, ойо-
ҕолоон айаннаан, кыыкырдатан истэ.
Ыстапаан бэйэтэ — бэрт көнө, сымнаҕас, туох да эги-
ли-бугулу санаата суох киһи. Үлэһитэ, сүрэҕэ даҕаны
бэрт, быһатын эттэххэ, сухаһыт оҕус курдук киһи, ол гы-
нан баран биир кытта төрүөбүт кыдьыктаах буолан, бу
курдук кылгас соннонон, сааһын тухары дьадаҥытык,
кыһалҕалаахтык олорбут эрэйдээх. Кырдьыга, хаартыһыт
үгэстээх. Оҕо эрдэҕиттэн хаарты оонньуур да, икки илии-
лээхтэн тугу да утары ууннаран сүүйэн ылбыта диэн суо-
ҕа, хата, туох чорбоҕун барытын сүүйтэрэн иһэрэ. Сорох
ардыгар бэйэтэ да: «Сүүйтэрбэтим буоллар, ама, бу кур-
дук дьадаҥы, кыһалҕалаах буолар этиэм, хаарты дьаата
10