Page 11 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 11
баҕайы иҥэн хаалан, маннык олоххо олордоҕум» диэн,
курутуйа саныыра да, туохтаах-эмэлээх буоллар эрэ,
хаарты оонньообутун бэйэтэ өйдөөбөккө хаалара. Кини
хаартылыырын ойоҕо бэркэ буойа, ытыы-ытыы көрдөһө
сатыыра да, эрэ иккитинэн истибэт этэ. Хаартыттан
сылтаан бэрт элбэхтик этиһэр, охсуһар буолаллара, ол
гынан баран дьахтар эриттэн соччо алыс хоргуппат, хата,
«хайдах гыныамый, оҥоруум, ыйааҕым буоллаҕа» диэх
курдук саныыра. Сол сүүйтэрбит күнүгэр кыыһыран,
ытаан-соҥоон баран, аастар эрэ, «Доҕоор, Ыстапаан», —
диэбитинэн бараахтыыр үгэстээх, онон даҕаны аныаха
диэри син ыал аатын ылан, буруо таһааран олорбуттара.
Даайа, ыраас, үчүгэй төрүттээх кыыс, тулаайах буо-
лан, кэлэ-бара сатаан, олохпун эрэ булуум диэн, Ыста-
пааҥҥа эргэ тахсыбыта. Онон, соччо атыттар курдук
таптаабатар даҕаны, кэргэннэһэн, син санаатын хол-
боон сылдьыбыта. Бэйэлэрэ даҕаны, атын дьон курдук,
эр-ойох быһыытынан, атах тэпсэн олорон санаа-санаала-
рын билсиэх курдук кэпсэппиттэрэ да диэн суоҕа; эрэ,
күнүһүн үлэтин үлэлээн баран, иллэҥэр ыалга баран
хаалар, дьахтар буоллаҕына, дьиэтин күннээҕи үлэтэ кү-
нүгэр бүппэккэ, сорох ардына түүннэри ииһин иистэнэ-
рэ, үлэлиирэ, онон биир да күөс быстыҥа бокуойа суох
курдук сылдьан, дьылы-күнү аһараллара уонна бэйэлэ-
рэ иккиэн даҕаны эр-ойох маннык-маннык буолуох тус-
таах диэн, быһааран билбэт этилэр. Эр киһи кыыһырда-
ҕына, ойоҕун кэтэҕин аһыттан ылан булгу сөрөөн түһэрэн
баран, дэлби кырбаан кэбиһэрэ да, онуоха төһө даҕа-
ны ыарыйдар, эмсэҕэлээтэр, «эр сынньара таҥарат-
тан ыйаахтаах» диэх курдук, утарыласпакка, саҥата суох
хаалларан иһэрэ. Эрэ даҕаны «бэйэм бас билэрбин кыр-
быырым боруога суох» диэн саныыр буолан, ончу кэм-
симмэт, буруйга ааҕыммат этэ. Биирдэ икки хонукка тэл-
лэххэ-суорҕаҥҥа сытар гына кырбаабыта да, курутуйа
санаабатаҕа. Онон даҕаны сүүрбэччэ сылы мэлдьи син
ыал буолан бииргэ олоорторо.
11