Page 15 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 15

ларын кытта үөхсэ-үөхсэ, истиэнэҕэ күлүктэрэ барыһан
баран, оонньуу олороллоро.

    «Ити киһи барахсан сүүйтэрэн үөхсэн эрдэҕэ» диэн,
аһына саныы сытта. Көмүс харчыны тамнааттыыр тыас-
тара, хаартыны ырытан тырылаталлара кулгааҕыттан
арахсыбат.

    «Тууй-сиэ, хор, хаарты таҕыстар, киһи эрэ даҕаны аҕы-
йаҕы эмэни тардыа этэ ээ, ол эрээри мин хаһан кинилэ-
ри кытта тэҥнэһэн оонньоору саныы сыттамый» диэн,
бэйэтин мөҕүнэ санаата. Сонно, соруйан, кинини хаадьы
гыммыт курдук, эмиэ харчы, хаарты тыаһа иһилиннэ уон-
на биир киһи саҥата: «Баар!» — диэн баран, остуолу ула-
хан баҕайытык оҕуста. «Ити киһи хайа эрэ хаартыга ылла,
олох ууран ылла буолла, эргитэ ууран ылла буолла, оо
дьэ, сүүйдэххэ, үчүгэй да суол буолар ээ».

    Итинтэн барытыттан тэмтэрийэн, Ыстапаан уута олох
көттө, онуоха эбии ол-бу өттүн кулахы быһыта ытыран,
сүгүн сытыарбата. Кырата хастыы эрэ буолла диэн са-
ныырын кытта, «солкуобай аҥаара сибиэт» диэн, биир
киһи хойуу баҕайытык хардьыгынаата, ону Ыстапаан сүр-
дээх үчүгэйдик, сүрэҕинэн иһиттэ.

    «Хор, син кыратык оонньууллар эбит ээ, оннооҕор
мин солкуобайы уонна субуруччу таайан ыларым ээ. Уон-
на бу дойду оонньуута туох да кэтэх быһыыта, ол-бу ма-
чайа суох, ыраас харчыга буоллаҕа дии, итиэннэ төһөҕө
баҕарар уурайарга көҥүл», — диэн эрдэҕинэ, эмиэ биир
киһи: «Ыллым», — диэн, остуолу оҕуста. Кулахы эбии күү-
һүрэн сиэтэ.

    «Ээ, син биир бу кулахы сүгүн утутуо суох, арай көрө
таарыйа туран, биир солкуобайы туруорууһукпун, онноо-
ҕор биэстии сүүһү харчынан сүүйтэрэрим, төһө да гыннар
ол саҕа буолаа ини», — диэн эрдийэ санаан, харчытын
сүөрэн, үстээх биир кумааҕыны ылан, тас сиэбигэр угун-
на. Сыта сатаата да, тулуйбата: «Бачча сылдьан баран
куорат оонньооччуларын көрбөккө, оонньообокко да тах-
сарым саата бэрт буолсу уонна дойдубар тахсан тугу
кэпсээн оҥостуомуй, аата, баччаны оонньооботоҕум-
көрүлээбэтэҕим буолан, итиэннэ хаарты уот биэрдэҕинэ,

                                                                                                                     15
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20