Page 17 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 17
— Атаас, дьүһүҥҥүттэн көрдөххө, бэрт кылгас киһи бы-
һыылааххын. Бостуой сүүйтэрэн кэбиһиэҥ, онон уурай-
даххына ордук буолаарай? — диэтэ бааннаах киһи уон-
на аҥаар хараҕынан ойоҕоһугар олорор киһиэхэ имнэнэн
кэбистэ.
Ыстапаан бэркэ сөбүлүү иһиттэ гынан баран, кыһый-
быта эмиэ сүрдээх. «Хайа дойду үтүө санаалаах барахса-
най, кырдьык даҕаны, уурайыахха дуу, ол эрээри, баҕар,
барыстаныам этэ» дии саныы олордоҕуна:
— Атаас, хата, бу арыгыны сэп гынан баран, утуй, сын-
ньан, — дии-дии мааҥы арыгытыттан кутан биэртин, Ыс-
тапаан хап-сабар ылан иһэн кэбистэ.
Ыстапаан, уурайыах киһи курдук таһырдьа тахсан ба-
ран, уҥуоҕа кус босхо баран, салыбырыы-салыбырыы,
ууруммут харчытын ылан, ыстаанын тас сиэбигэр угунна
да, сүрдээхтик тиэтэйбит киһи быһыытынан дьиэҕэ көтөн
түһэн, мааҥы оонньообут хаартытын остуолтан сулбу
тардан ылла, онуоха урукку оонньуу олорор дьон бэ-
йэ-бэйэлэрин хардарыта көрбөхтөөн кэбистилэр. Ыста-
пааҥҥа испит арыгыта мэйиитигэр таҕыста, холуочуй-
да быһыылаах. Санаата күүһүрдэ, биир хаартыны ылла
да: «Солкуобай сибиэт», — диэбитин кулгааҕа эрэ истэн
хаалла.
— Атаас, оонньуур буоллаххына, харчыгын остуолга
уур, биһиги бэрээдэкпит оннук.
Уҥуоҕа хамсыы-хамсыы харчытын сиэбиттэн барытын
ороон таһааран баран, үс сүүһү остуолга ууран кэбистэ.
Өр буолбата, үс сүүһүн үрдүгэр солкуобайын өрө
аахтарда. Ыстапаан онтон ыла аар-маар барда. Тугу да
быһаарбакка, хаартыны ыла-ыла уура эрэ олорор буолла
уонна бааннаах сотору буола-буола: «Доҕор, харчыта ыыт
эрэ», — диэтэҕин аайы ылан биэрэн истэ. Харчы киниэхэ
наадалааҕын, наадата суоҕун төрүт быһааран толкуйдаа-
бат курдук буолбут.
Төһө өр дуу, сотору дуу оонньоон сүүйтэрбитин бил-
бэккэ хаалла, арай биирдэ оонньуу олорор доҕотторо:
«Чэ, түксү», — диэн бараннар туран барбыттарыгар өй-
дөөн көрбүтэ: дьиэ иһэ сырдаан эрэр, кини соҕотоҕун
17