Page 19 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 19

Ол хааман иһэн санаатаҕына, арай кини эрэ баар эбит
хайа да киһиттэн куһаҕан, акаары: «Аата, абаккам да эбит,
туох тэһэ анньан, оонньоон сытыйбытым буолуой?» Түбэл-
тэтигэр, оннооҕор биир ыт, ааһан иһэн, ырдьыгынаан ааста.

    «Оок-сиэ, куорат хотун куһаҕан хараҕынан көрдөҕүнэ,
олус да куһаҕан буолар эбит, бэл, ити ыттыын ырдьыгы-
ныыр буоллахтара үһү» дии саныы-саныы, кунанын мии-
нэн, дойдутун диэки чоочугурата турда.

                                            V

    Даайалаах чэйдэрэ, табахтара бүппүтэ өр буолла.
Куоратчыт тахсыар диэри дии-дии, чугастааҕы ыалла-
рыттан кутуунан чэйдэнэн, хамсанан табахтанан олор-
буттара хас да хонно. Илбирийбит ырбаахылаах, ал-
дьаммыт этэрбэс элэккэлээх орто уол, «аҕам иһэрэ
буолаарай» диэн, таһырдьа тахсан тоҥуор диэри тура-
ра, дьиэҕэ ыстанан киирэн, холумтан үрдүгэр ыттан ту-
ран иттэр буолта ыраатта. Улахан уол, аҕам сыарҕатын
тыаһын түбэһэ истээйэмий диэн, кулгааҕа тоҥон лыс
гына тыаһыар диэри туран иһиллии сатыыра да, туох да
суоҕа. Даайа Баһырҕас диэн ытын, өҥөтөр, түүн куорат-
чыт иһэрин истэн үрэн биллэрээрэй диэн, киэһэ аайы
дьиэттэн үөттүрэҕинэн сискэ биэрэн үүрэн таһаарара.
Улахан уоллаах кыыс киэһэ иллэҥ эрэ буоллаллар: «Аҕам
миэхэ кур», «Аҕам миэхэ былаат кэһиитин таһаарыа», —
диэн, тылларын минньитэллэрэ элбээтэ. Аны аҕам түүн
кэлэн, кэһииттэн матан хаалыам диэн, уол түүнүн аанньа
утуйбат буолла. Аҕата саҥа саппыйаан кур таһаарарын
санаатаҕына, сүрэҕэ хамныар диэри үөрэрэ. «Бу күһүн
Дьаакып уолугар биир кыһыл саппыйаан куру таһааран
биэрбитэ, дьэ көрүөххэ кэрэтэ бэрт этэ, ол уол көрдөр-
бөккө бэркэ сордообута, оттон, бэйи, мин көрдөрбөтөр-
бүн үчүгэй этэ, оннооҕор икки хартыыналаах кумааҕыны
таһаарбытыттан биирдэрин көрдүү сатаан кэбиспитим,
бэл, ону харыһыйбыта, бэйи, мин кини иэһин төлүөм»
диэн, мэлдьи саныы сылдьара.

    Оччоттон билиҥҥэ диэри ыраах тыа сиригэр куо-
ратчыт тахсара бэрт улахан сонун, элбэх кэпсээннээх

                                                                                                                     19
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24