Page 9 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 9
руу кириэстэнэн баран, сүгэтин угуттан тутан, күөрэччи
көтөҕөн сүүскэ сырбатан, охторон түһэрдэ.
Ыстапаан, улахан уолга тымтыгын туттаран, ынаҕын
сүлэн бүтэрэн: «Хата, бургунаһым куҥнаах эбит, баһын
кыһыҥҥы икки улахан таҥараҕа, буотараҕын кыһын ку-
чу-мачы гыныахпыт» дии саныы-саныы, эттээн ньиллир-
гэтэ сырытта.
Даайа ынаҕын иһин ыраастыы олорон: «Дьэ ынах идэ-
һэ сиэбит сурахпытын иһиттэхтэринэ, сарсын төһө эрэ
дьахтар кэлэн, сыа сиэппэтэ дии-дии кыыһыраллар, хор-
гуталлар, кыһалҕаларыгар толук гынаары соҕотохторун
өлөрдөхтөрө дииллэрэ суох. Арай иһиттэн ордорон, бэр-
ситэлиэх бэйэм буоллаҕа, ол кэриэтэ симиим аччыгый
буоллун» дии саныы олордо. Улахан уол, тымтык тута
сылдьан, эттэн кымаахтаһан ылаары гыммытын, атыыга
барар аһы тыытыма диэн, бардьыгынаан ыытта. Улахан
кыыстара, ийэтигэр ис ырытыһа сылдьан, харын итирин
биир чохоону толору муста, уол ону көрөн, кини эмиэ
кымаахтаһан муспутунан барда. Кыра уоллара эристиин,
ийэтин аттыгар олорон, туох түбэһэрин харбыы-харбыы,
айаҕар симэ олордо. Орто уоллара, утуйан хаалан, бу
астан матаахтаата.
Соруйан анаан, сырдык буоллун диэн, куруҥ маһы
оттубуттара — уоттара үөрбүт-көппүт курдук лиҥкинэччи
умайан, балаҕан иһэ бүтүннүү күндэлэс сырдык буолла,
урукку киэһэлэргэ күлүгүрэн турбут дьиэ муннуктара ба-
рылара оҥоруһан көһүннүлэр. Ол киэһэ бэйэтэ даҕаны
балаҕан иһэ уруккуттан уларыйан, хайдах эрэ үчүгэй,
ньир-ньар курдук буолбута, оннооҕор муннуктарынааҕы
чэҥнэрэ ирэн ньалҕарыспыттар.
Ыстапаан этин таһырдьа таһа сылдьан: «Хор, бургу-
наспыттан алта буут тахсыыһык ээ, ама наадабын то-
лунаа инибин» диэн, үөрэ санаата. Бүтэрэн баран, ха-
рытынан көлөһүнүн сотто-сотто, туох да кыһалҕата суох
холку баҕайытык:
— Доҕоор, хайа, эн төһөлөстүҥ, чэ, бургунаспыт буо-
чутуттан үчүгэй аҕайдык буһар эрэ, — дии-дии үөттүрэ-
ҕинэн уотун анньа турда. Уота, үөрбүт курдук, уруккуту-
9