Page 5 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 5

Ааҕыы, ырытыы

                                    Куоратчыт

                                     (Кэпсээн)

                                            I

    Кыһыҥҥы хараҥа киэһэ, муус маҥан хаар сабыылаах
саха балаҕана, туох эрэ курдук харааран, барыйан тура-
ра. Ол балаҕан үөлэһин иһиттэн, чочум буола-буола, ха-
тат уотун курдук кыһыл кыым, үөрбүт-көппүт курдук, өрө
көтөн тахса-тахса, умуллан, уостан хаалар. Ол оннугар
үөлэс иһиттэн эмиэ, биһиги хаһан да умуллуохпут суоҕа
диэбит курдук, өрө үөмэлэһэн күндээрэ көтөн бараннар,
нам түһэн бараллара. Чуолҕан үүтүн курдук балаҕан муус
түннүктэрэ, мааска хараҕын уотун курдук, хабыс-хараҥа
ортотугар кылаһан көстөллөрө.

    Бобо тоҥмут, ырыган көлөлөөх, ыраахтан иһэр айан
киһитэ көрдөҕүнэ, кыым кытыастара, уот кылахачыйара
үчүгэйэ, сэргэҕэ бэрт, мэктиэтигэр, ыраахтан сылааһа
биллэргэ дылы гынар буоллаҕа үһү.

    Балаҕан таһыгар чугаһаан кэлэн көрдөххө, кубус-ку-
раанах, им-ньим, арай үөлэстэн тахсар кыым сырдыгы-
нан кыһайан көрдөххө, моойторуктаах хара ыт бөх үрдү-
гэр, титирээн ибигирии-ибигирии, чоҥкуччу кырыаран
сытарынан ыал олорорун быһыыта биллэр этэ.

    Ол били Кэлтэгэй Ылдьаа уола Уһун Ыстапаан хотон
аҥаар муннугар оһох туттан, кыстаан олорор балаҕана
этэ.

    Дьиэ иһигэр буор сыбахтаах титирик оһоххо икки-үс
хардаҕас мас, хоруоран хаалан баран, имик-самык ба-
лаҕан иһин сырдатарынан кыһайан көрдөххө, хаҥас оһох
чанчыгар Ыстапаан ойоҕо Даайа, эдэр соҕус дьахтар,
бүк түһэн олорон, уот сырдыгар эрин этэрбэһин абырах-
тыы олороро; эр киһи туох да саҥата-иҥэтэ суох, чочум
буола-буола уотун диэки супту одуулаан кэбиһэ-кэбиһэ,
тымтык тыыра олороро.

    Балаҕан иһэ им-ньим, имик-самык. Дьиэлээхтэр, үлэ-
лэригэр олус ыксаан олорор буоланнар, кэпсэппэттэрэ

                                                                                                                      5
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10