Page 6 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 6

эбитэ дуу, эбэтэр тугу эмэни саныы, толкуйдуу олоролло-
ро эбитэ дуу — хайата да биллибэт. Арай өр буола-буо-
ла лабаххайдаах хардаҕас «тас» гынар уонна кэтэҕэриин
өһүө баһыгар кулахы ойууна, чаһы тыаһын курдук, тох-
тообокко тыһырҕаан иһиллэр, хотон диэки биллибэт ба-
лай хараҥа иһигэр ынах, «пус» гына тыына-тыына, кэ-
бинэн кэрдиргэтэрэ иһиллэр. Дьиэ иһин эргиччи көр-
дөххө, туох да сэргэх сэп-сэбиргэл көстүбэт, куру-кэ-
ри курдук, арай биллэрик муннуга чэҥирэ кырыарбыта,
имик-самык оһох уота умайдаҕына, маҥхайан, ньалҕаа-
рыйа килбэчийэн көстөр.

    Оок-сиэ, кырдьык даҕаны, барыта наар буолан, тугун
түүппэҕэй, куһаҕанай, оҕолоор!

    Ыстапаан иһигэр арааһы эргитэ саныы, толкуйдуу
олоорто. Ол санаатаҕына, быйылгы кыһыны ынаҕыттан
туттубакка хайдах да кыайан сыл тахсыа суох: иһэр чэйэ,
тардар табаҕа, сиир бурдуга, өссө ол үрдүгэр тардыытын
харчыта, ити таһынан иэс төлөбүрэ. Ити кыһалҕаларын
барытын тугунан булан толорунуон саныы сатаата да,
кыайан тобулбата. Сытаан бараары, бүгүн оҕонньордоох-
хо бара сырыппытыгар, тугу да биэрбэтэ, «Хата, ыларын
күүтүөх буолаахтаата», — диэн, уоһун иһигэр ботугураа-
та, атын дьонтон кыралаан ылбыт иэһэ эмиэ элбэх, ону
барытын быһа сүүрдэн ааҕан көрдөҕүнэ, арааһа, отуч-
ча сүүс буолсу. «Мин оҕонньордооххо бара сылдьыбып-
пын иһиттэхтэринэ, бытархай иэстээхтэрим бары кэлэн
көрдүөхтэрэ буоллаҕа, тугу да биэрбэтэ диирбин итэҕэ-
йэллэрэ суох». Онтон эмискэ хотонун иһинээҕи ынах-
тарыгар санаата эриллэ түстэ да, хайа да ынаҕын тут-
туон булбата — барыларын сүрдээхтик аһынна. Кырдьык
даҕаны, Ыстапаан буолан санаатахха, харыстыар бэрт
сөптөөх. Баара-суоҕа бөдөҥ сүөһүтэ биэс-түөрт эрэ этэ,
онтукатыттан туттарын тарбаҕыттан быстарарын кэриэтэ
санаахтаамына.

    «Аһыммытым иһин хайыамый, кыһалҕа эмиэ улахан,
мин аһыммыт курдук буоллахпына, ойоҕум эрэйдээх, ор-
дук эр ылан, ынаҕын өлөртөрүө суоҕа» диэн, кытаанах
санааны ылынна. — «Чэ, булгу хайата да буоллар, биир

    6
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11