Page 7 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 7
ынаҕы туттабын. Хата, хайаларын туттарбыный?» дии са-
наабытыгар, кини хараҕар ынахтара кэлэннэр бу оҥой-
соҥой көрө турарга дылы гыннылар.
«Чэ кэбис, хайдах гыныахпытый, кытарах бургунаспы-
тын өлөрүүһүкпүт, суол этэ тахсаа ини» дии санаан ба-
ран, ол-бу диэки, буруйдаах киһи курдук, балаҕанын тула
көрүтэлээтэ.
Өһүө баһынааҕы кулахы, кини санаатын таайбыт кур-
дук, ордук күүскэ «тик-тик» тыаһаата. Оһох иһигэр биир
хардаҕас, күөдьүйэн умайан баран, холумтаны туора түс-
пүтүнэн балаҕан иһэ арыычча сырдаан, биллэрик мунну-
гунааҕы чэҥ көмүс өҥүн курдук чаҕылыйан көһүннэ.
— Доҕоор! — диэн эмискэ ыҥырбыта, им-ньим орто-
тугар хайдах эрэ дорҕооннонон, улахан баҕайытык иһи-
линнэ. Даайа, бүк түһэн олорон, хорос гына түстэ.
— Доҕоор!.. Арай быйыл кытарах бургунаспытын тут-
тууһукпут, этин куоракка киллэрэн атыылаан, чэй, табах
ылыахпыт, ордугун харчынан таһааран, тардыыбытын тө-
лүөхпүт, буотараҕын кытта баһын сиэниллиэ, — диэн
баран, кыбыстыбыт дуу, куттаммыт дуу курдук, ойоҕун
диэки өтөр-өтөр көрбөхтүү олордо.
Даайа, ойоҕоско астарбыт киһи курдук, соһуйан, ах
баран, саҥата суох олорбохтоото. Ол эрээри эрин кы-
һалҕатын, наадатын билэр буолан: «Оок-сиэ, кылгас,
кыараҕас диэн сүрүн ньии, суос-соҕотох баар эрэ күлүк-
тээхпитин бысталыахпыт буоллаҕа» диэн иһигэр санаан
баран, аргыый аҕай саҥата суох туран, ороҥҥо утуйа
сытар оҕолорун иннигэр баран сытта…
Ыстапаан, борук-сорук ортотугар умуллан эрэр уот-
таах оһоҕун чанчыгар олорбохтоон баран, туран сытта
да, уута букатын кэлбэтэ. Туой ол-бу санаалар киирэн,
ону-маны саныы сытта. Хайдах иэстээхтэрэ кэлэннэр,
иэстэрин иэстии-иэстии кыыһыраллара, ордук Кулан Уй-
баантан куттана санаата: «Оок-сиэ, хайдах эрэ күтүр
өстөөх кэлэн кыыһыран өтүөстэнэр буолла?» Хотон иһи-
гэр ынах ыҥыранна. «Бургунаһым эристиин ыҥыранаах-
тыы сытар ээ, иччим миигин өлөрөөрү гынар диэн би-
лээхтээбэтэ буолуо ээ? Ол эрээри айыы сүөһүтэ, баҕар,
7