Page 30 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 30

Кэрэ күөгэл тыам
                             Кэрдиис чыпчаал кэтэҕиттэн
                             Килбиэн тырым күнүм,
                             Киистэтэ сарайан,
                             Кэлэрин эҕэрдэлээн,
                             Күндү кэрэ баҕайытык
                             Күүгүнээн ыллыыргын
                     Хас сарсыарда аайы,
                     Хараҥа ууттан тахсан,
                     Хара бадараан үрдүгэр
                     Таалалаан сытаммын,
                     Таптаан иһиллиир этим.
                     Өлөр-хаалар күммэр
                     Үөрэ-көтө барыахпын,
                     Күөгү көмүс күөмэйгин
                     Көбүөхтэтэн күндүлээ! — диэтэ,
                     Бары албына бараммыт
                     Баҕа үөн баҕайы.
                             Хара төрүөҕүттэн
                             Хайҕал диэни билбэтэх
                             Хара Тураах акаары
                             Хаана хамнаан,
                             Хараҕа дьиримнээн,
                             Улаханнык үөрэн,
                             Уобан иһэрин умнан,
                             Ырыаһыт киһи буолан,
                             Ыллаан ыыра барда:
                     «Даах… дарараах», — диэтэ,
                     Даллах-даллах дайбаата.
                     Ыллыыбын диэн
                     Ыһыктан кэбиспитэ,
                     Баҕа үөн баҕайы
                     Баран ууга түһэн сылдьан:
                             — Даллаҥныырыҥ аанньа
                             Далай акаары,
                             Көбүөхтүүрүҥ аанньа
                             Күөх киһиргэс,
                             Эйиэхэ бу баар!! — диэн,

30
   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35