Page 3 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 3

Күндү үөрэнээччилэр!

     Эһиги улааттыгыт. Ааҕааччы быһыытынан сайынныгыт. Уус-
уран литература киһиэхэ дьайар күүстээҕин, киһи олоҕор ураты
суолталааҕын биллигит.

     Ийэ тылынан айыллыбыт уус-уран литература — норуот муу-
дараһын, мындырын, өйүн-санаатын, киһилии майгытын уокка
умайбат, ууга ылларбат сүдү баайа. Ол өлбөт-сүппэт баайы
хайдах туһанабыт? Саха өһүн номоҕо кэрэһэлииринии, киһи дуу,
кии дуу буоларбыт онтон улахан тутулуктаах. Атын омук тылы-
нан тылланан, ол норуот култууратын, духуобунаһын күүһүгэр
киирсэн, тус бэйэҕит олоххут суолун солонон, киһи-хара буо-
луоххутун сөп. Ол эрээри төрөөбүт норуотун сүдү баайыттан,
тылыттан, муудараһытттан маппыт киһи тус олоҕор да үгүс эн-
дирдэри, уустуктары көрсүөн сөп. Тоҕо? Эппиэтэ судургу —
бастатан туран, эн төрөөбүт норуотун сорҕото буолаҕын, эн
хайдах киһи буоларгыттан, бүтүн омугуҥ олоҕо тутулуктаах. Ик-
киһинэн, эйигиттэн, хас биирдиибититтэн ийэ тылбыт дьылҕа-
та быһаччы тутулуктаах, төһөнөн элбэх киһи төрөөбүт тылынан
саҥарар, төрөөбүт тылын хараҕын харатын курдук харыстыыр
да соччонон норуот өлбөт тыыннанан, атын дьону-сэргэни, но-
руоттары кытта тэҥинэн, «эн-мин» дэһэн олоҕу дьоһуннук оло-
рор, сайдар, кэскиллэнэр кыахтаах буолар.

     Быйылгы үөрэх сылыгар саха литературатын ураты, уран тыл
уустара кэриҥҥэ киирбит улахан суруйааччыларбыт биллэр
айымньыларын кытта билсиэхпит. Кинилэри кытта алтыһыы, сэ-
һэргэһии, кинилэр ойуулаабыт уобарастара эһиги майгыгытын,
сиэргитин, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыаҥҥытын, уйулҕаҕыт туругун
сааһылаан, өрүү сырдык, ыраас, киһилии сиэрдээх, кэскиллээх,
үйэлээх өттүгэр саҕыахтара. Ол тугунан да солбуллубат улуу
оскуола. Онон кинилэр айымньыларын, ытык тылларын сиһи-
лии ыатаран, ырытан ааҕыҥ, оччоҕуна тус бэйэҕитигэр олоххут
устата сүтэн, сотуллан хаалбат өрүү өй уга, санаа арыйа сыл-
дьар улуу сүбэһиттэрдэниэххит.

     Ситиһиилэри баҕарабыт!

                                                                                                         3
   1   2   3   4   5   6   7   8