Page 5 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 5
көтүүнү үрдэтиэн, биитэр хомолтону аһаран, дууһаны чэпчэтиэн
сөп.
Ол иһин этэн эрдэхтэрэ: «Саха оҕуһун мииннэ да ырыаһыт,
оһоҕун иннигэр олордо да олоҥхоһут». Ыҥырыыга сылдьар
кэрэ, дэлэгэй куоластаах, дорҕоонноох тойуктаах, кылыһахтаах
ырыалаах, сүрэҕи-быары манньытар, куту-сүрү аймыыр уран
тыллаах улахан ырыаһыт сахаҕа элбэх. Кинилэр алаас, үрэх ба-
һын ахсын күүтүүлээх күндү ыалдьыт, көр-нар аргыстаах дьо-
ро киэһэни көҕүлээччи буолаллара. Ырыаһыт бар дьонун, аҕа,
ийэ ууһун аатын-суолун көмүскээччи курдук дириҥ ытыктабылы
ылара. Уһулуччу дьоҕурдаах дьон утумнаахтык дьарыктанан
күүскэ сайдаллара, айар, хоһуйар толкуйдара тобуллара. Аар-
саарга аатырбыт норуот ырыаһыттарынан Екатерина Иванова,
Сергей Зверев, Үстүүн Нохсоороп, о.д.а. буолаллар.
СЕРГЕЙ АФАНАСЬЕВИЧ ЗВЕРЕВ — КЫЫЛ УОЛА
(1900—1973)
1947 сыллаахха бэс ыйын 23—24 кү-
рүлэс, тунах күннэригэр Угут Күөл диэн
Сунтаар сиригэр уһун тускуллаах Өк-
төөп өрөбөлүүссүйэтин 30 сылыгар
аналлаах улуу ыһыах ыһыллыбыта. Ол
ыһыахха Сергей Зверев анаан ыҥы-
рыллан үҥкүү тылын этэр буолбута.
Ыһыах күн бары аатырар алааска
Угут Күөлгэ тиийбиппит. Дьоһун ыал-
дьыт Сергей Зверев бэйэтин баараҕай
түһүлгэтин күн киэһэтигэр, алта-сэт-
тэ чаастан саҕалаабыта, тыһыынчанан
оһуокайдьыты түмпүтэ.
Дьэ, өр-өтөр буолбатаҕа, түөлбэ күөл саҕа түһүлгэ төгүрүй-
бүтэ. Эргиирдэр истэригэр эргиирдэр, түөркэ-биэскэ тиийбит-
тэрэ. Мин сөхпүт, бэри диэн бэркиһээбит санаабар, ити улуу
хор, ыраахха дылы эҥсиллэр өй дуораана буолан, муора ба-
лысхан баалын курдук биир күдьүс ньиргийбитэ.
Зверев бастаан оһуокайын «Дьээ-буо» ырыанан уһуннук унаа-
5