Page 9 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 9

Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

              Тоҕо Кыыл Уола диэн ааттаммытай?

     С. А. Зверев — Кыыл Уола дэгиттэр талааннааҕа: дорҕоонноох
кэрэ чуор кылыһахтаах тойуксут, үтүө үҥкүүһүт, олоҥхоһут, но-
руот ырыаһыта. Кини 1900 сыллаахха от ыйыгар Сунтаар улууһу-
гар Түбэй нэһилиэгэр дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Аҕата Кыыл
Охонооһой, быстар дьадаҥы уонна сытыы-хотуу киһи буолан,
Бодойбоҕо тиийэ, айаҕын ииттэ сылдьыбыта. Ол иһин дойдутун
дьоно кинини Кыыл Охонооһой, оттон уолун Сэргэйи Кыыл Уола
диэн ааттыыр буолбуттар. Ону кэлин быраатынаан Киргиэлэй-
диин тылбаастаан Зверев диэн араспаанньа оҥостубуттар.

        Кыыл Уолун «Сарсын, сарсын сарсыардата»

     Сергей Афанасьевич эдэр эрдэҕинэ Саха сирин киэҥ киэ-
литин элбэхтик кэрийбит. Бодойбонон, Алданынан, Дьэһиэйи-
нэн айаннаабыт киһи. Бу ырыатын Дьэһиэйгэ, Красноярскай
кыраай сахаларыгар тиийэн, кинилэр аатырбыт тойуксут Арап-
пыайдарыттан олус сөбүлээн истибит. Ырыаһыт дьахтар сарсын
сарсыарда кэтэһэр, ахтар киһитигэр тиийиэхтээҕин туһунан туо-
йарын «Саха норуодунай ырыалара» диэн хомуурунньукка тылын-
өһүн уларыппакка киллэттэрбит.

     1948 сыллаахха С.А. Зверев ити ырыа ис хоһоонун саҥа үйэ,
саҥа кэм олоҕор сөп түбэһиннэрэн, «Сарсын, сарсын сарсыар-
дата» диэн икки ырыаны айбыт. Эһиги ол ырыалартан биирдэс-
тэрин, саха дэгэрэҥ ырыатын бастыҥ холобурунан буолбут, би-
ригэдьиир ырыатын аахтыгыт.

Ааҕыы, сэһэргэһии

                         Уол оҕо барахсан

                        Тыаһаан охтон баранар мастаах,
                        Уолан симэлийэн аҕыйыыр уулаах,
                        Күрэҥсийэн хардарыйар күөх оттоох,
                        Ойон тэгилийэн тахсар күннээх
                        Орто кэрэ дойдуга

                                                            9
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14