Page 11 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 11

Дьороҕор уҥуоҕа ньохчойбутун иһин,
Эрэһэлээх тииһэ эмтэрийбитин иһин,
Киэһэ хонорун кэмнэнэр,
Сассын турарын саанар.
Уол оҕо барахсан
Төһө да дьүүкэрдэр,
Хайдах да кырыйдар,
Иннигэр илимнэнэн,
Анныгар айаланан
Айаҕын иитинэр,
Саннын таҥыннарар,
Биэрэгин бэлэмнэнэр.
Уол оҕо барахсан курдук
Одунтан оҥоруулаах,
Чыҥыстан дьылҕалаах
Мөҥүрүүр бөҕөттөн төлкөлөөх
Орто дойдуга ким да оҥоһуллубатаҕа,
Хайа да күн көнө үтүө сүрэхтээх,
Ыраас сырдык хааннаах
Уол оҕо барахсан,
Төһө да быһыннар,
Дэлэ былас санаатын татыарыппакка,
Муора далай санаатын мугурсуппакка,
Киэҥ көхсүн кыараппакка,
Тимэх тыһытын курдук тэнийэр чиэстээх.
Уол оҕо барахсан
Үкэр күөх курдук
Өрөһөлүү үүнэн тахсара,
Сүөгэй курдук мөлбөйөргө,
Арыы курдук ньалҕарыйарга,
Киис курдук киэргэнэргэ,
Боккуодам курдук өрө тахсарга
Баҕалаах сүрэхтээх.
Уол оҕо барахсан
Сүрэҕэ эрэ көнө буолар,
Санаата эрэ сайаҕас буолар,
Ама кини курдук
Туох да суох, доҕоттоор!

                                                                             11
   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16