Page 12 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 12

Тылбытын байытабыт

     Улаан — сиэлэ-кутуруга суох, сиһин ороҕо, самыыта сырдаан
көстөр сылгы.

     Балаада — (эрг.) олус сиэдэрэй оҥоһуулаах улахан дьиэ.

          Тыыннаах тыл

     Уол оҕо туһунан өс хоһоону, ох тылы ырытыһыҥ, бэйэҕит эбии
булуҥ, айарга холонуҥ:

     Уол оҕо төрөөтөҕүнэ суор үөрэр.
     Уол оҕо дьоло орто дойдуга, көлөһүнэ күн сиригэр.
     Уол оҕо биир күн ат уорҕатыгар, биир күн ат өрөҕөтүгэр.
     Тимир уһаарыллан тимир буолар, уол оҕо эриллэн эр бэрдэ

         буолар.
     Эр киһи уһун санаалаах, киэҥ көҕүстээх.

Анаан дьүүллэһии

         «Уол оҕо анала» тиэмэ тула кэпсэтиҥ.

                             Өлүөнэ өрүс

                                     (Норуот тойуга)

                        Кэтит Сибиир киэргэлигэр киирбит,
                        Аан дойду хаартатыгар анньыллыбыт,
                        Улуу дойду остуоруйатыгар суруллубут,
                        Омук-омук умсугуйбут,
                        Киһи аймах кэрэхсээбит,
                        Бар дьон махтаммыт,
                        Төрөтөр оҕо төлкөлөммүт,
                        Иитэр сүөһү чэчирээбит,
                        Өрөгөр көҕүллээх үөрдүспүт,
                        Нэлим сиэллээх сиэттиспит,
                        Атырдьах туйахтаах айыллыбыт,

  12
   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17