Page 10 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 10

Уол оҕо барахсан
                     Уһугунан дугунан,
                     Ортотунан курданан,
                     Улаанынан ньуурданан,
                     Уулааҕынан көрөн,
                     Урааҥхай саха буолан сылдьарын
                     Усталаах туоратыгар
                     Буулаҕа мас курдук мускулларга,
                     Үөт талах курдук эриллэргэ,
                     Хатан анньыы курдук мүккүллэргэ аналлаах.
                     Уол оҕо барахсан
                     Биир күн ат өрөҕөтүгэр аналлаах,
                     Биир күн ат уорҕатыгар оҥоруулаах.
                     Уол оҕо барахсан
                     Үс төгүл саадаҕынан курданан,
                     Муҥур маһыгар ыттан баран,
                     Биир түүлээх муос оноҕоһунан
                     Киһи буолар кэскиллээх.
                     Уол оҕо барахсан
                     Киһи кэлэйэн кэпсэппэт,
                     Ыал хоннорбот,
                     Ыт үрбэт буолан баран,
                     Түөрт үрэх баһыттан биирдэригэр
                     Дьоло тосхойор,
                     Быйаҥа быгыалыыр,
                     Кэскилэ кэтэһэр.
                     Уол оҕо барахсан
                     Хайа да күн
                     Хаҥас илиитэ — хара саарба,
                     Уҥа илиитэ — уу хаччы.
                     Уол оҕо барахсан
                     Дьоло — орто дойдуга,
                     Баайа — балаадаҕа,
                     Көлөһүнэ — күн сиригэр.
                     Уол оҕо барахсан
                     Хайдах даҕаны
                     Хара баһа хагдарыйбытын иһин,
                     Дьулайын аһа туттайбытын иһин,

10
   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15