Page 7 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 7

Сарсын, сарсын сарсыарда
                          Кыргыттарга тиийэммин
                          Кыраабылы биэриэҕим,
                          Уолаттары туруоран
                          Хотуурдары туттартыам.

                                                  Иэ-иэ-иэ!
                          Сарсын, сарсын сарсыарда
                          Оҕолордуун, оҕонньордуун,
                          Комсомоллуун, пионердыын
                          Кыталыктыы кылбаһан,
                          Мохсоҕоллуу уһууран…

                                                  Иэ-иэ-иэ!
                          Сарсын, сарсын сарсыарда
                          Ийэ сирбит дьолугар,
                          Колхозтарбыт быйаҥын
                          Хотуулардаах үлэнэн
                          Холботолоон иһиэхпит.

                                                  Иэ-иэ-иэ!
                          Сарсын, сарсын сарсыарда
                          Үөмэн тиийбэт өрөгөйдөөх,
                          Уунан тиийбэт уруйдаах,
                          Уһун туску олохтоох
                          Коммунаҕа тиийиэхпит.

                                                  Иэ-иэ-иэ!
                          Сарсын, сарсын сарсыарда
                          Үрүҥ күммүт үтүөтэ,
                          Маҥан халлаан мааныта
                          Аанныыр дайдым саргыта
                          Биһиэхэҕэ буолуоҕа!

                                                  Иэ-иэ-иэ!

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

 1. Эһиги санааҕытыгар, «хаамтарбахтаан халытыам, дьоруо-
       латан доҕутуом, сиэллэрбэхтээн дибдитиэм, бөтөрөҥнө-
       төн көтүтүөм» диэн ырыа аргыстаах ким айаннатан иһэ-
       рий, туох ыра санаалааҕый?

                                                                                                      7
   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12