Page 8 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 8

2. Ырыаһыт тоҕо сарсыҥҥыны күүрдэрий?
    3. Сарсыҥҥы күн дьоло, сарсыҥҥы күн эрэлэ, үүнэр үйэ үтүө

         дьылҕата ырыаҕа ханнык тылларынан хоһуйуллубуттарый?
    4. Сарсын, сарсын сарсыарда

         Сайар халлаан сарыыта,
         Сандал күнүм тахсыыта,
         Салгын сиигин көтүүтэ,
         Сайаҕас тыалым түһүүтэ, — диэн айылҕаны хоһуйан этии-
         тин сүрүн дэгэтэ тугуй?
    5. Үүнэр үйэ туһунан норуот ырыатыгар этиллэр санаалары
         булан ааҕыҥ.

          Тыыннаах тыл

     Хоһуйуллубут түгэни өйгүтүгэр ойуулаан, хараххытыгар уоба-
растаан көрөргө кыһаллыҥ. Онтон сиэттэрэн норуот ырыаһыта
ханнык уйаҕас иэйиигэ куустарарын, туох санааны, иэйиини этэргэ
дьулуһарын кэпсэтиҥ.

Уруок кэнниттэн

         Бибилэтиэкэҕэ сылдьан С.А. Зверев олоҕун, айар үлэтин
    үөрэтиҥ.

                                                                      ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

     С.А. Зверев ырыаһыт, алгысчыт, олоҥхоһут, үҥкүүһүт дэгит-
тэр айар талаанын туһунан кылааска иһитиннэриитэ оҥоруҥ.

                                                                   КЭРЭ ЭЙГЭТИГЭР

     С.А. Зверев ырыаларын бэйэтин толоруутугар истиҥ.

   8
   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13