Page 6 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 6

рыччы тардан дьигиһитэн, күүстээх, күрүлгэннээх куолаһынан
көҥү этэн, икки илиилэринэн үөһэ-аллара охсуолаан, төбөтүнэн
илгиэлэнэн, сиһин тоноҕоһун иһирдьэ-таһырдьа имиллэҥнэтэн,
атахтарын лоп-бааччы хардарыта уларытан, икки өттүгэр иэдэс
биэрэн, кимнээх кэлэн кини таһынан киирбиттэрин кэрийэн кө-
рөн, кэтэҕинэн оонньоон, кэдэрги, чолоччу соҕус туттан, киэли-
тэ киирэн, дьэ эбэтээ, кимиэллээхтик этэн-тыынан барбата дуо…

     Түүн үөһүн саҕана илии-илиилэриттэн ыга тутуспут, тарбах-
тарыттан тардыспыт дьонун-сэргэтин күүстээхтик күөгэлдьиччи
көтүтэ, күөрчэхтии ытыйа сылдьара. Сарсыарда 5—6 чаас саҕа-
на, тохтоон ылбакка, этигэн хомус эбэтэр самаан сайын уста-
тыгар өрөөбөккө кэҕийбит этигэн кэҕэ этэн эҥсэрин курдук,
өссө күүскэ эргитэн, өссө күүскэ этэ-тыына сылдьара. Онтуката
истиэххэ үчүгэй да, сөҕүмэр да этэ.

     Дьэ, күөмэй, күүс, тулуур, дьүккүөр, эстибэт сэниэ, уостубат
уох диэбэккин дуо… Онно саллан, дьулайан, сөҕөн биһиги:

     — Бу тугуй, илэ дуу, түүл дуу? — диэн тулуйбаккабыт саҥа
аллайбыппыт.

     Дьэ, буолар да эбит этэ…

                                Николай Александрович Платонов ахтыытыттан

Ааҕыы, ырытыы

                  Сарсын, сарсын сарсыарда

                             Сарсын, сарсын сарсыарда
                             Сайар халлаан сарыыта,
                             Сандал күнүм тахсыыта,
                             Салгын сиигин көтүүтэ,
                             Сайаҕас тыалым түһүүтэ.

                                                    Иэ-иэ-иэ!
                             Сарсын, сарсын сарсыарда
                             Хаамтарбахтаан халытыам,
                             Дьоруолатан доҕутуом,
                             Сиэллэрбэхтээн дибдитиэм,
                             Бөтөрөҥнөтөн көтүтүөм.

                                                    Иэ-иэ-иэ!

   6
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11