Page 4 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 4
Норуот тылынан уус-уран айымньыта
Норуот өркөн өйө, ытык тыла
Норуот тылынан уус-уран айымньытын иитэр, үөрэтэр, са-
йыннарар кыаҕа сүдү. Норуоппут тылынан уус-уран айымньы-
тыгар кини өйө-санаата, сиэрэ-туома, итэҕэлэ, төрөөбүт тылын
баайа, олоҕун-дьаһаҕын төрүт үгэһэ барыта баар. Бу барҕа
баайбыт көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, чочуллан, тупсарыл-
лан күн бүгүн олохпут укулаатын, сиэрин-майгытын ыйар, сүбэ-
соргу биэрэр, өйбүтүн-санаабытын байытар.
Киһи аймах өркөн өйүн күүһүн тута сылдьар мындыр өс хо-
һооно, таайтарыылаах таабырыммыт, тылы имитэр чабырҕах-
пыт, үтүөнү түстүүр алгыспыт, сүргэни көтөҕөр оһуокайбыт,
былыргы дьыллары быыһылыыр сэһэммит, улуу олоҥхобут хас
биирдиибит үүнэн-сайдан тахсарыгар бигэ тирэх буоларын
өрүү өйдүөхтээхпит.
Онон быйыл эһиги норуот ырыатын, үһүйээнин, олоҥхотун
ааҕаҥҥыт өйгүт-санааҕыт эмиэ байыа, билиигит-көрүүгүт кэ-
ҥиэ, уран тылга умсугуйан айар дьоҕургут арыллыа диэн эрэ-
нэбит.
НОРУОТ ЫРЫАТА
Саха — ырыа куттаах омук. Кини олоҕун ханнык да түгэнэ
ырыата суох ааспат: олох-дьаһах тэрээһинэ, айылҕа көстүүтэ,
булт-алт, үлэ-хамнас этэҥҥэ баран иһиитэ, үгэһи, итэҕэли ту-
туһуу, сири-дойдуну ытыктааһын, таптал, ыал буолуу, малааһын,
бэл, хомолто, кутурҕан — барыта ырыанан кэпсэнэн, үөрүүнү-
4