Page 14 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 14
Араҥас толооннордоох
Ааттаах сирдэрдээх,
Айыыһыттаах-байанайдаах,
Аҕылганнаах салгыннаах
Аатырар Амма өрүһэ
Аччыгый балыстаах буолан
Адаар таас эркиннээх
Адырҕайдаах сүүрүктээх,
Аарыма бааллардаах
Аатырар Алдан өрүһэ
Айдааран-күндээрэн,
Айыһыйан-дьалкыйан,
Ийэ буору ибили солоон,
Иҥиэттэн түһэн кэлбитин
Өлүөнэ өрүс эбэкэм
Эҕирийэн ылан иһигэр холбоон
Эҥсиллэн түһэн бара турда...
Туруору бырааннаах,
Торҕон бөрөлөөх,
Туруорук ойуурдаах,
Бөдөҥ долгуннаах,
Бөлүөһэр сүүрүктээх,
Бөкүнүйэр сыырдаах,
Бүк сирдээх,
Бүөрэмньи тоҕойдоох,
Бүтэй Бүлүү өрүһү
Арҕаа Сибиир диэкиттэн
Аарыгыран-айманан
Айаннаан тиийэн кэлбитин
Алкыйан ылан баран
Ааһа бара турбут...
Онтон анараа өттүгэр
Үс үөстээх Өлүөнэ эбэм
Буруук таас модьоҕолонон,
Эстэрик таас эркиннэнэн,
Хайык таас хаххаланан,
Аата-ахсаана биллибэт
Адаар таас хайа дьайыҥнанан,
14