Page 15 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 15

Кэмэ-кэрдиитэ биллибэт
Киҥкинэс таас хайа эркиннэнэн,
Суота-суумата биллибэт
Туруук таас хайа тоҕойдонон,
Толору ууланан, дохсун долгуннанан
Туолан киирэн барбыт...
Өлүөнэ эбэм барахсан
Ити курдук айаннаан,
Ортото көстүбэтэх,
Улаҕата биллибэтэх,
Уҥуоргутун булларбатах
Улуу Муустаах муораҕа
Устан дьалкыйан киирэн,
Убаҕас уутун суккуйбута,
Сөлөгөйдөөх сүүрүгүн сүөкээбитэ,
Көтөҕөн киирбит көмүөлүн туттарбыта
Буордаах кумаҕын куппута,
Онуоха Уордаах муора хотун
Улаханы киллэрдэ диэн
Уолуйан-соһуйан барбата...
Ол да буоллар
Хатыыс балыгынан хардалаһан,
Кээчэрэ балыгынан кэһиилэһэн,
Чууччах балыгынан төлөһөн,
Бил балыгынан бэрсиһэн,
Уомул балыгынан оонньуурдаан,
Сыалыһар балыгынан сыаналаан,
Күндүөбэй балыгынан күндүлэһэн
Үрдүнэн эрэ да буоллар
Өҥөлөһөр үгэстээх үһү,
Ханнык эмэ да буоллар
Хардарар хантараактаах эбит,
Дьүрүтүнэрэ буоллар
Төлөһөр түстээх эбит...
Итини кэһиилэнэн Өлүөнэ эбэм
Ийэтиттэн-аҕатыттан таһааран,
Илимнээбиккэ эйэргэһэн,
Муҥхалаабыкка булуулаан,

                                     15
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20