Page 19 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 19

рэн, ааспыт бэлэх охторо сиртэн үөһээҥҥэ диэри хороххолоһон
көстөллөр. Аллара хайа таас лаабыстаах. Ол лаабыс үрдүгэр
бааллар эҥин араас сээкэйдэр: сэбирдэх табаах, мохуорка,
бөппүрүөскэ, испиискэ, буорах, дарабыына, ботуруон эгэлгэ-
тэ, былыргылар буулдьалара, чокуурдара, араас өҥнөөх өрбөх,
ат сиэлэ, кыла. Дьиктитэ диэн баар, ол ууруллубут сээкэйдэри
тыал тохпот, самыыр, хаар уута сиигирдибэт эбит. Бэҕэһээ уур-
бут курдук тураллар. Хата, онон быстаран кэлбит булчут салҕа-
нар. Буораҕыҥ бүппүт буоллаҕына, киниттэн буорах куттаҕын,
ол оннугар дарабыына кутан кээһэҕин; испиискэҥ бараммыт
буоллаҕына, эбэтэр табааҕыҥ суох буоллаҕына, онтон ылаҕын,
ол ылбытыҥ иһин хайаатар да, тугу эбит кээһиэх тустааххын.

     Оттон киһи аһыыр аһа туох да суох. Ас ирээтин уурбаттар
эбит. Ол туһунан биир маннык кэпсээн баар: «Арай, былыр
биир булчут кэлэн ыһыгыттан буспут эти уурбут. Түүн түһээ-
тэҕинэ, биир киһи тахсан, уурбут сыалаах этин үрэх ортотугар
бырахпыта үһү. Онтон ыла аһы уурбат буолбуттар».

     Хайа эркинигэр, ол кыһыл суруктан ураты, араас бачах ойуу-
лар бааллар. Олору одуулаан көрдөххө тайах, таба, киһи, ыт
дьүһүннэрэ баарга дылы. Оттон сахалыы, нууччалыы буукубаны
билэр үөрэхтээхтэр ол хайа суругун сатаан аахпаттар үһү.

                           Үөһээ Бүлүү оройуонун Туобуйа нэһилигин олохтооҕо
                  Мыыһаа Лэгиэнтэй диэн сахалыы аатынан биллэр оҕонньор

                          1939 сыллаахха кэпсээбитин И.К. Васильев суруйбута

          Тылбытын байытабыт

     Толоон — хонуу, хотоол сир.
     Чүөмпэ — күөл, өрүс, үрэх ордук дириҥ уута, улаханнык ди-
риҥиир сирэ.
     Лаабыс — атахха турар малы уурар кыра үрдэл муоста.
     Чокуур — былыр хататынан саҕан уот ыларга эбэтэр сааны
эһэргэ туттуллар дьэҥкирдиҥи кытаанах таас.

                                                                                                        19
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24