Page 24 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 24

оронугар туоллан олорор. Дьиэ иһигэр дьон элбэхтэр эбит,
сорохтор сирдэрин куортамныыллар, сорохтор эһиилги сүөһү
айаҕар кэпсэтэллэр, сорохтор от охсорго уонна да атын үлэ-
лэргэ кэпсэтэллэр, сорохтор арыы бэдэрээтигэр кэпсэтэллэр.
Оннук кэпсэтиилэргэ ылаллар эбит: ким эт сыыһа, ким буотарах
сыыһа, ким тар, сорохтор от. Оттон Чоочо, халтаһата саба түһэн
хаалбытын сөмүйэтин төбөтүнэн өрө анньан баран, кып-кыһыл
хараҕынан дьиэ иһин эргиччи көрбүт, эргитэн аҕалан Манчаары
оҕо оттоку ороҥҥо олорорун таба көрөн баран, улахан, кыы-
һырбыт куолаһынан бардьыгынаабыт:

     — Бу оттоку ороҥҥо ханнык уол киирэн дьохтонон олоро-
руй?

     — Ээ Быттааны Сүөдэр оҕото, Манчаары оҕо киирэн оло-
рор, — диэбиттэр дьон.

     — Эккэй, хара ыт! Көр да маны, билиҥҥиттэн улаатан, от-
току ороҥҥо олорон оллооннуур, тур, киэр буол! Суол ааныгар
олор, биитэр бар! — диэн көбүөлээбит Чоочо.

     — Оксиэ, киһи олорбот хайдах оронуй? — диэн Манчаары
кыратык ботугуруу-ботугуруу туран суол ааныгар барбыт.

     — Баһылай оҕонньор! Миэхэ эһиил бырыһыаннаан төлүүргэ
биир сыарҕа отто аҕал, — диэбит Манчаары.

     — Дьөссө эн от ылыыһыгын эбээт! Миэхэ кэлэн от үлэтигэр
төһө көмөлөстүҥ этэ? Көр, ити көмөлөспүт дьоҥҥо биэрэбин.
Арыылаах курдук үчүгэй алаастааххын, бүтүннүү бэйэҕит саба
баттаан сиигит. Уонна ото суох буолаҕыт дуо?

     — Алааспыт үүммэтэҕэ, аһыҥа сиэбитэ, ханнык эмэ кэлби-
тин сиэн бүтэрдибит, — диэбит Манчаары.

     — Күөх сүрэхтэргит, сайыны быһа олороҕут, күүлэйдиигит,
тыа быыһыттан илиигитинэн да үргээтэххитинэ, икки ынаҕы
иитиэ этигит. Арыт буоллаҕына тар көрдүү кэлэҕин. Сайын кии-
һилэни үргээбэккит, бөрүөк оту, бэһи кыһыйан хаһааммаккыт,
көр, кэһэйдэххит, — диэбит Чоочо.

     Манчаары оҕо кыыһырбыт-абарбыт куолаһынан эппит:
     — Биһиги үлэлээбиппит. Кыайбаппыт. Эн бүтүн улууһу үлэ-
лэтэҕин. Биһиэхэ биир да киһи көмөлөспөт, онон кыайбаппыт;
ол үрдүгэр миэхэ үлэлээбэккит дии олороҕун. Ол эн биһиэхэ
биир сыарҕа оту биэрдэххинэ, сутаан барыаҥ дуо?
     — Көр бу ыт үрдэҕин истиҥ эрэ, от бу баар! — диэн ба-

  24
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29