Page 29 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 29

туруйбутун иһин — туох кэлиэй, ааһан хаалбыт. Манчаарыттан
куттанара эмиэ бэрт, тойотторуттан куттанара оннооҕор ордук.
Дьэ, тахсан Манчаарыны суолун солоон, Көтөт тыатыттан булан
кэпсэтэр:

     — Дьэ, убаай, Баһылаай! Эн бу тыаҕа сылдьаргын мин бэр-
кэ да аһынабын, бэркэ да харыһыйабын. Эн мин дьиэбэр кии-
рэҥҥин саһан, хорҕойон сытан, аһаан-сиэн сынньана түһүөххүн.
Мин кимиэхэ да биллэриэ суох этим.

     — Мин дьиэҕэ киирэн олорон, утуйан сынньаныахпын син ба-
ҕарабын буолан баран, бу манна, нэһилиэгим иһигэр, дьиэҕэ —
киирэн сытарым саарбах буолуо дии саныыбын, арыый тэйэ
соҕус сиргэ бараары сылдьабын, — диэбит Манчаары.

     — Ээй, убаай! Мин дьиэм туора, дьүк сир буоллаҕа дии,
туора киһи билиэ суоҕа. Хата, киир, мин кыстаабытыҥ да иһин
биллэриэм суоҕа, — диэбит.

     — Ким эмэ биллэр эрэ, баран Чоочоҕо тыллыы охсуохтара,
дьон бары, баттыырын манньатыгар, Чоочоҕо тыыннарын атыы-
лыыллар.

     — Убаай, эрэн, мин кимиэхэ да биллэриэм суоҕа.
     — Чэ, буоллун! Эн дьиэҕэр киирэн, бу киэһэ хотонуҥ мун-
нугар оронно оҥор. Мин кэлии-барыы ааспытын кэннэ, хойут,
түүн киириэм, — диэбит.
     Ол курдук кэпсэтэн баран, Чыычаах Уйбаан, соругун баран
киһи быһыытынан: «Оттон сүбэлээбиттэрин курдук кэпсэтэн,
Манчаарыны албыннаан, дьиэбэр киллэриэх буоллум. Билигин
баран хайдах эмэ гынан тутан, суукка ыыттахтарына, суут кини-
ни оннун булларыа этэ. Оччоҕо мин, ити этэллэрин курдук көнө,
үчүгэй, чиэһинэй киһи аатырыам этэ. Чоочо оҕонньор кинээс
уолунаан миигин хайгыа этилэр», — диэн баран саныы, дьиэ-
тигэр киирэн, хотонун муннугар баран орон оҥорбут. Онно от
баран, сөрүө тэлгэтэн, таҥас бэлэмнээбит.
     Гаврил Дмитриев сэһэнинэн, ол түүн Манчаары Чыычаах
Уйбаан дьиэтигэр киирэн, хотон иһигэр бэлэмнэммит ороҥҥо
өлбүттүү утуйа сыттаҕына, Чоочо уолаттара уонна да атыттар —
барыта сүүрбэччэ киһи кэлэннэр, саба баттаан, тутан ылбыт-
тар. Быанан хам кэлгийэннэр, нэһилиэк сугулааныгар илдьэн,
ханна сылдьыбытын, хаайыыттан куотан баран тугу оҥорбутун,
уорбутун-алдьаппытын, кимнээх киниэхэ холбоспуттарын бэркэ

                                                                                                        29
   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34