Page 33 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 33

биир тыл даҕаны, биһиги норуоттарбыт хаан уруулууларын, хаһан
эрэ биир төрүттээхтэрин кэрэһэлиир.

     Башкирдар былыр-былыргыттан аар-саарга аатырбыт сэсэн-
нэринэн уос номоҕор киирбит дьоруойдара Салават Юлаев эбитэ
үһү. Кини айбыт ырыаларын, хоһооннорун төрөөбүт норуота күн бү-
гүнүгэр диэри ыллыыр-туойар.

                             Ийэ дойдум

                            Күндү дойдум барахсан —
                            Көмүс сүүрүктээх өрүстэрим,
                            Күөх чараҥнарым, хонууларым,
                            Үрдүк өндөл халлааным
                            Өрөһөтүн үүттээбит Уралым,—
                            Үтүө биир бигэ баҕалаахпын:
                            Үчүгэйдик Ийэ сирбин,
                            Эйигин, ыллаатарбын.

                            Оройун былыт үөһэ быктарбыт
                            Улуукан, аар-аҕам Уралым,
                            Уран аптаах киэҥ унаарын
                            Олус да таптаата хараҕым.
                            Туойуом этэ өрүү да Эйигин,
                            Тускулуу туруом кэрэ бэйэҕин.
                            Аан ийэ дойдубуттан
                            Араардылар үйэ-саас
                            Сордоох-муҥнаах дьылҕалаах
                            Саныыбын эйигин ыраахтан —
                            Суохтуу-чуҥкуйа төрүт сирбин:
                            Арыынан аллар алаастарбын,
                            Үүтүнэн үллэр өрүстэрбин,
                            Аар аҕабын, улуу Уралбын!

                            Ол эрээри олус оннук
                            Ончу соҕотох буолбатахпын:
                            Сиккиэр тыал, сибис гынан
                            Миигин үөрдэр улаханнык:
                            Кини кэпсиир мин билэр
                            Мүөттүү уста талбаарбыт

                                                                                                        33
   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38