Page 37 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 37

Укааһынан айыынан
Оҥоһуллан түспүт;
Сэттэ иилээх-саҕалаах,
Киэҥ эйиэхситтээх,
Сиимэктэлээх
Чэлгиэннээх тэлгэһэлээх
Кэтит аан ийэ дойдум
Кэрэ сылгы
Кэлин таһаатын курдук киэптэнэн,
Сири чабычах курдук
Тэнийэн тэлгэнэн истэҕинэ,

       Киһи-саха буолан,
Кэскиллэнэн үөскүүргэ
Киэҥ маҕан халаантан
Эньньэлээх-сэтиилээх
Киһи эбитэ үһү.
Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Атааннаах-мөгүөннээх
Айгырыын силик
Аалай солко
Аан ийэ дойдуга
Айыллан үөскээн сыльдьан
Ааһар былыт
Албыныгар оҕустаран
Ат буола түһэр күннээх буоллаҕына,
Аан ийэ дойду
Атыйахтаах уу курдук
Аймаһыйыахтын диэн
Айыллыытыгар
Аһары алҕатыылаах киһи эбит.

     Аал Луук мас

Үрдүк үтүө дойду
Кинэҥниир киинигэр
Дьогдьойбохтуур саалыгар,
Тобуллаҥныыр дьулайыгар,
Тойомсуйан турар

                                                                     37
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42