Page 41 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 41

Көлүйэр көлөтө
Тардыстар талаһата,
Ханнаный эбитий диэн
Өйдөөн көрөн турдахха:
Түөт өрүскэ киһи бугуллаабыт
Хаардаах бугулун
Түөрэ кэбэн кээспит курдук
Түөрт түөрэм көмүс
Туйахтардаах эбит,
Сүүрүктээх үрэх
Долгунун курдук
Охсуулаах
Көҕөччөр ньэлбэктэрдээх,
Икки сойуоһут киһи
Туут хайыһарын
Туруору
Кэбиспит курдук
Икки түүлээх
Чөрөккөй кулгаахтардаах,

       Сыыр быстыбытын курдук
Сылларыттаҕас сымыһахтаах,
Тумул туллубутун курдук
Тулларыттаҕас уостаах,
Аҕа кыайар киһи барахсан
Улуу элгээн күөлү
Оттотунан быһа талайан
Кээстин курдук
Икки эҥкэ-дьэҥкэ харахтаах,

       Икки баай ыал
Тар уурар холлоҕосторун
Кэккэлэччи тутан
Кэбиспит курдук
Киэн тыстаах сарыылаах
Улуу чөҥөрү таныылаах,

       Үс былас
Үрбэ көҕүллээх,
Сэттэ былас
Нэлим көмүс сиэллээх,

                               41
   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46